23 Сэтинньи 23.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин медицинатын үлэһиттэрэ федеральнайдааҕы наҕараадалары туттулар

10:02, 23 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 22 күнүгэр Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин коронавирус дьаҥын кытта охсуһууга кылааттарын киллэрэр медицина үлэһиттэрин наҕараадалаата. Үрүҥ халааттаах аанньаллар үлэлэрин толорууга бэйэни харыстаммат хорсун быһыыларын бэлиэтээтэ, СИА СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар. 


Лука Крымскай аатынан мэтээли «Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа» медицинскай сиэстэрэлэрэ Екатерина Саввинова уонна Сусанна Козлова ыллылар. Кинилэри сэргэ өрөспүүбүлүкэ медицинатын систиэмэтигэр үлэлиир 17 исписэлиис РФ Бэрэсидьиэнин бочуотунай грамотатын, махтал суругун, Пирогов аатынан уордьанын туттулар.

РФ Бэрэсидьиэнин грамотата:

1. Дашидымбрылов Очир Дашицыренович – анастезиолог-реаниматолог быраас, «Республиканская больница № 1- Национальный центр медицины» тэрилтэ;

2. Неустроева Татьяна Александровна – старшай медицинскай сиэстэрэ, «Детская инфекционная клиническая больница» тэрилтэ;

3. Слепцова Снежана Спиридоновна – «Инфекционные болезни, фтизиатрия и дерматовенерология» кафедра сэбиэдиссэйэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, мединститут, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин инфекционнай ыарыыларга штаты таһынан үлэлиир кылаабынай исписэлиис;

4. Яковлев Алексей Аммосович – СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта, «Медицинский центр г.Якутска» тэрилтэҕэ кылаабынай бырааһынан үлэлиир кэмигэр.

РФ Бэрэсидьиэнин махтал суруга:

1. Бубякина Наталия Емельяновна – невролог быраас, «Детская городская больница» тэрилтэ;

2. Егорова Татьяна Дмитриевна – медицинскай сиэстэрэ, «Медицинский центр г. Якутска» тэрилтэ;

3. Индеева Любовь Дмитриевна – инфекционист быраас, «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ;

4. Максимова Надежда Евгеньевна – биолог, «Республиканская клиническая больница № 3» тэрилтэ;

5. Старцева Татьяна Ивановна – отделение сэбиэдиссэйэ, инфекционист быраас, «Ленская центральная районная больница» тэрилтэ;

6. Тартакынова Лира Николаевна – биолог, «Якутский республиканский центр по профилактике и борьбе со СПИД» тэрилтэ;

7. Токосов Иван Георгиевич – фельдшер, «Станция скорой медицинской помощи» тэрилтэ;

8. Черных Елена Георгиевна – старшай медицинскай сиэстэрэ, «Алданская центральная районная больница» тэрилтэ;

9. Чулаков Кирилл Викторович – анестезиолог-реаниматолог быраас, «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ.

Пирогов аатынан уордьан:

1. Бугаева Татьяна Тимофеевна – инфекционист быраас, «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ;

2. Васильев Николай Николаевич – «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ кылаабынай бырааһа;

3. Маркова Наталья Иннокентьевна – «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ кылаабынай бырааһын солбуйааччыта.

Лука Крымскай аатынан мэтээл:

1. Козлова Сусанна Сысоевна – медицинскай сиэстэрэ, «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ;

2. Саввинова Екатерина Николаевна – медицинскай сиэстэрэ, «Якутская республиканская клиническая больница» тэрилтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА