Мас-рестлиҥҥэ аан дойду Кубогын бастакы түһүмэҕэр кыттар хамаанда 2020 сыллааҕы Россия чемпионат түмүгүнэн сүүмэрдэннэ. Сүрүн састаабы Саха сирин мадьанылара ылаллар, СИА суруйар.
Аан дойду Кубогын бастакы түһүмэҕэ бэс ыйын 15-20 күннэригэр Узбекистаҥҥа ыытыллар. Спортсменнар билиннилэр, састаап ВФМР саайтыгар таҕыста. Хамаанданы старшай тренер Николай Константинов салайар.
Аан дойду Кубогын бастакы түһүмэҕэр кыттыыга Россия састаабыгар киирдилэр: Дмитрий Неустроев (60 кг), Виктор Крылов (65 кг), Петр Бурнашев (70 кг), Илья Красовскай (75 кг), Станислав Иванов (80 кг), Павел Черноградскай (90 кг), Дмитрий Попов (105 кг), Роман Калинин (125 кг), Евгений Попов (+125 кг), Алена Федорова (55 кг), Екатерина Белолюбская (65 кг), Алина Алексеева (75 кг), Мохинур Абдузойирова (85 кг), Кристина Кочесокова (+85 кг).
Иккис хамаандаҕа: Артем Зорин (65 кг), Сергей Константинов (75 кг), Айсен Атастыров (80 кг), Егор Баишев (90 кг), Семен Степанов (105 кг), Иван Галкин (125 кг), Александр Гуляев (+125 кг), Анастасия Плотникова (55 кг), Наталья Черноградская (65 кг), Алина Турчина (65 кг), Елена Неживова (75 кг), Светлана Тихонова (+85 кг).
This post was published on 26.05.2021 12:01 12:01