Олимпийскай чемпион Р.М. Дмитриев аатыгар Москваҕа мадьынылар күрэхтэстилэр. Саха сириттэн эр дьон уонна дьахталлар бүтүн Россиятааҕы мас тардыһыытыгар аҕыс кыһыл көмүс мэтээли иилиннилэр.
Хамаандалары регионнар федерацияларын салайааччылара арыаллаатылар: Калининградскай уобалас — Алексей Петров, Ленинградскай — Давид Петров, Московскай — Валерий Терешко, Дагестан – Варис Шамсуев.
Кыһыл көмүс мэтээллэри ыллылар Артем Зорин (60 кг), Айсиэн Мигалкин (70 кг), Егор Гуляев (80 кг), Даниил Моисеев (105 кг), Евгений Попов (+125 кг) – бары Саха сирэ. Өрөспүүбүлүкэ кэрэ аҥардара эмиэ ситиһиилэннилэр. Кыһыл көмүс мэтээли кэттилэр — Валентина Суханова (55 кг), Фиана Дмитриева (65 кг) уонна Надежда Христофорова (+85 кг).
This post was published on 23.03.2021 16:33 16:33