Мас- рестлиҥҥэ «Колмар» хампаанньа аан дойдутааҕы кубогын мэтээллэрэ аҕыс дойдуга бардылар. Кыайыылаахтарынан Россия икки бэрэстэбиитэлэ уонна Узбекистантан биир спортсменка буоллулар. Күрэхтэһии балаҕан ыйын 7 күнүгэр Владивостокка Илин экономическай форум чэрчитинэн ыытылынна, диэн СИА кэпсиир.
Кубок кыттыылаахтара уон биэс дойдуттан кэллилэр. Саха сирин спордун национальнай көрүҥэр киирсии үс ыйааһыҥҥа барда. Ол иһигэр саамай чэпчэки 75 кг диэри аан дойду чемпиона Валерий Никаноров бастаата. Манна иккис миэстэни Ангола бэрэстэбиитэлэ Марио Галинья ылла, пьедестал үһүс сүһүөх үктэлигэр Нигерия уонна Венгрия спортсменнара таҕыстылар.
90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бастыҥ мэтээл Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар хаалла — Москваттан, мас- рестлинг спордун маастара Егор Дегтярев ылла. Финалга кини былырыын ыытыллыбыт аан дойду кубогын үһүс түһүмэҕэр кыайыылаах Словакияттан Оливер Куректан маһы ылла. Боруонса мэтээллэр Венгрияҕа уонна Пакистаҥҥа бардылар.
Дьахталларга Узбекистан Гульноза Режабова бастаата. Манна Россия бэрэстэбиитэлэ Екатерина Фрыгина үрүҥ көмүс призер, Венгрия уонна Монголия спортсменнара үһүс миэстэлэннилэр.
This post was published on 08.09.2022 10:28 10:28