Саха сирин мөлүйүөннээх олохтооҕун олбуоругар оҕо былаһааккатын тутуохтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Регион салайааччыта алмаастаах кыраай киин куоратыгар эдэр ыал Гаврил уонна Арина Онуфриевтарга сырытта. Кинилэр иккис кыыс оҕолоро 1,7 саастаах.

Онуфриевтар олорор дьиэлэрэ 2019 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ити эрээри тиэргэнэ ситэри оҥоһуллубакка турар. Билигин дьиэ ТСЖ-та «Территория АЛРОСА» куонкуруска кыттан, учаастагы саҥардар үлэ барар. Онон оҕо былаһааккатын тутуу саҕаланна, матырыйаал кэллэ, бырайыак баар. Үлэ быйыл бүтэр.

Ил Дархан кырачаан киһи төрөппүттэрин кытта кэпсэттэ. Саина сотору дьыссаакка барарга бэлэмнэнэр.

«Саиналыын аан бастаан көрсөрбүтүгэр наһаа кыра этэ, оттон билигин ону-маны билэ-көрө сатыыр, мэниктиир буола улааппыт. Үөрэн туран кинигэлэрин көрдөрдө. Персонажтарын билэр, кинилэр саҥаларын үтүктэр. Кырачаан киһи сүрэхпин үөртэ», – диэтэ көрсүһүү кэнниттэн Айсен Николаев.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Ил Дархан Саинаны Саха сирин историятын биир түһүмэҕин Бэлиэтинэн ааттаата — кини сайдыыта, улаатыыта, инникигэ хардыыта. Салайааччы Онуфриевтарга дьолу, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарда.

This post was published on 29.01.2025 10:01 10:01