Саха сирин кикбоксердара бүтүн Россиятааҕы «Moscow Open 2021» турнир К-1 түһүмэҕэр ситиһиилэннилэр. Күрэхтэһии тохсунньу 21 — 23 күннэригэр Москва уобалаһыгар ыытылынна, СИА суруйар.
Риингэҕэ Саха сирин 19 спортсмен көмүскээтэ, саамай киирсиилээх К-1 түһүмэххэ. Чемпионнаатылар Петр Васильев 51 кг, Иван Ле 54 кг, Тимофей Сивцев 57 кг, үрүҥ көмүһү ыллылар Михаил Слепцов 51 кг уонна Сергей Иванов 54 кг, боруонсаны — Павел Попов 63,5 кг уонна Юлия Петрова 56 кг.
Бу иннинэ тренердэрэ Андрей Алексеев салайыытынан бэлэмнэниини Дагестаҥҥа ааспыттара.
Салгыы спортсменнар ССРС-тан аан дойдуга бастакы чемпион Александр Иванов сырдык кэриэһигэр анаммыт Уһук Илиҥҥэ бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттыахтара. Киирсиилэр Дьокуускай куоракка олунньу 4-7 күннэригэр ыытыллыахтара. Манна кыайбыттар муус устарга Дьокуускайга буолуохтаах кикбоксиҥҥа Россия чемпионатыгар кыттыахтара.
This post was published on 25.01.2021 14:01 14:01