Саха сирин киин улуустарыгар муус суол барыта сабылынна. Тырааныспар бары көрүҥэр айан бобулунна.
Муус суоллары сабыы түһүмэхтэринэн ыытылынна, муус устар 15 күнүттэн саҕалаан. Бүгүн саамай кылаабынай Өлүөнэ эбэнэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан муус суол үлэтин тохтотто.
Тырааныспар министиэристибэтэ санаппытынан, көҥүлэ суох мууска тахсыы иһин ыстыраап көрүллэр:
- биирдиилээн дьоҥҥо – 3 — 5 тыһ солк;
- дуоһунастаах сирэйгэ – 20 — 50 тыһ солк;
- юридическай сирэйгэ – 100 тыһ солк — 1 мөл солк.
This post was published on 18.04.2025 14:02 14:02