Саха сирин киин оройуоннарыгар Өлүөнэ өрүскэ уу таһыма үрдүөҕэ

Өлүөнэ өрүскэ уу таһыма үрдээн эрэр. Бу күннэргэ уу таһыма киин оройуоннартан үрдүөҕэ диэн, Саха сиринээҕи УГМС сэрэтэр.

Өлүөхүмэ оройуонугар Хатыҥ-Тумул-Саҥыйахтаах учаастагар уу таһыма сууккааҕа  5-20 см үрдүү турар. Атырдьах ыйын 8-12 күннэригэр уу киин оройуоннарга үрдээн саҕалыаҕа. Барыта холбоон 25-35 см үрдүүрэ күүтүллэр.

Кэлэр сууккаҕа Алдан өрүскэ Баатаҕай бөһүөлэгин кытыытыгар  Уус-Мил-Петропавловскай учаастагар ардахтан сылтаан уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр.

This post was published on 07.08.2023 15:02 15:02