Ойуурдарга баһаар куттала үрдүк кылааһа Саха сирин сорох оройуоннарыгар атырдьах ыйын 20-22 күннэригэр олохтонуоҕа, диэн УГМС иһитиннэрэр.
“Атырдьах ыйын 20-21 күннэригэр Ленскэйгэ, Өлүөхүмэ соҕуруу өттүгэр, атырдьах ыйын 21-22 күннэригэр Мииринэйгэ, Өлөөн соҕуруу өттүгэр ойуур баһаарын куттала үрдүк IV кылааһа олохтоноро күүтүллэр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Атырдьах ыйын 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 1192,5 га иэннээх сэттэ ойуур баһаара баар. Уот Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар бэлиэтэммит. Итинтэн үс баһаар 681 га иэннээх сиргэ локализацияламмыт. Уоту умуруорууга 482 киһи уонна түөрт техника кыттар.