3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар күүстээх тыал түһүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сарсын, алтынньы 17 күнүгэр, Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар күүстээх тыал түһүөҕэ. Бу туһунан Cаха сиринээҕи күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэр.

Ол курдук тыал Анаабыр, Булуҥ, Кэбээйи уонна Эдьигээн оройуоннарыгар түһүөҕэ. Тыал сөкүүндэҕэ 15-20 миэтирэ түргэннээх буолуоҕа.

Итиэннэ Бүлүүгэ уонна Эдьигээҥҥэ сорох сиринэн хаардыаҕа, Ленскэйгэ ардах кэлиэҕэ.

Дьокуускайга быстах хаардаах, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 4-9 миэтирэ түргэннээх тыал үрүөҕэ. Салгын температурата түүнүн -9-10°С буолуоҕа, оттон күнүһүн 0, -2°С.

Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар