Эһиги дойду бэрэсидьиэнин илиититтэн сибэкки туппуккут дуо? Маннык ураты истиҥ бэлэҕи түөрт сыллааҕыта М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет аспирана Дария Ефимова (билигин Филиппова) тутан үөрбүтэ-көппүтэ.
Бу күн Владимир Владимирович Путин ХИФУ көхтөөх устудьуоннарын кытта көрсүбүтэ. Ол күнү Дарья маннык ахтар:
— Ол сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр мин 23 сааспын туолуохтааҕым, уратытык көрсөр буоламмын, олус күүппүтүм уонна долгуйбутум. Күүтүүлээх күммүт буола оҕуста, сарсыарда “Владимир Путин кэлбит үһү” диэни истэн долгуйбутум өссө күүһүрбүтэ. Көрсүһүүгэ бараарыбын, парикмахерскайга баттахпын оҥорторбутум. Баттахпын оҥорооччуга: “Мин бүгүн бэрэсидьиэни кытта көрсүһүүгэ барабын”, — диэн сонуммун кэпсээтим, онуоха кини кэпсээммин итэҕэйбэтэ быһыылаах, соһуйбута аҕай (күлэр). Көрсүһүү ХИФУ техническэй факультеттар куорпустарыгар ыытыллыбыта. Киирээппитин кытта тута пааспардарбытын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Онтон көрсүһүү буолар аудиториятыгар киирбиппит, миигин “Владимир Владимирович аттыгар олоруоҥ” диэн сэрэппиттэрэ. “Иһэр!” – диэттэрин кытта аан диэки көрбүппүт. Владимир Владимирович аудиторияҕа киирээтин кытта, күүстээх ураты энергетикалааҕа биллибитэ. Бу диэн чуолаан төрөөбүт күммүнэн туох диэн эҕэрдэлээбитин өйдөөбөппүн, долгуйан хаалбытым. “Төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин, үүммүт үөрэх сыла саҕаламмытынан”, — диэбитэ уонна сибэккитин утары ууммута. Көрсүһүү чаас кэриҥэ буолбута, ол эрээри санаабар биир чыпчылҕан түгэнин эрэ курдук түргэнник ааспыта. Көрсүһүү бүтүүтэ мин: “Бары бииргэ хаартыскаҕа түһүөххэ”, — диэбитим, онуоха Владимир Владимирович үөрэ-көтө сөбүлэспитэ.
Ыспыраапка:
2014 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр Владимир Путин Дьокуускайга университекка үөрэх сылын арыйа уонна “Сила Сибири” магистральнай газопровод бастакы звенотун холбооһунун үөрүүлээх тэрээһинигэр ыалдьыттаабыта.
This post was published on 07.02.2018 12:30 12:30