«Россия — мин историям» пааркаҕа сэтинньи 27 күнүгэр «Өйдөөх куорат — тупсаҕай олох» Уһук Илиҥҥи форум чэрчитинэн питч-сессия буолла. Манна Саха сирин ИТ-хампаанньалара куорат хаһаайыстыбатыгар цифровизацияны киллэриигэ толкуйдарын билиһиннэрдилэр. Регион инновацияҕа миниистирэ Анатолий Семенов модератордаата.
Саха сирин ИТ-хампаанньалара – Смарт Юнит, Каунт-технолоджис, «Статус» программнай хааччыйыы киинэ, Аленс, АСМ «Форма», «Интернет вещей» сайдыы бөлөҕө, АЭБ Айти, Гого Технолоджи, Энергосбертех, OneClickYakutia — кытыннылар.
«Дьокуускай куорат «Өйдөөх куорат» бырайыагы олоххо киллэриитэ киһи хапытаалын сайдыытын нөҥүө барар. Олохтоохторго тупсаҕай олох боппуруоһа сүрүн оруолу ылар. Тупсаҕай эйгэни, социальнай сервиһы уонна куораты дьон оҥорорун уонна сайыннарарын умнуо суохтаахпыт. Университеттары, колледжтары, оскуолалары бүтэрбит ыччат төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлиэхтээх. Онно анаан манна элбэх институт тэрилиннэ — ИТ-паарка, Инновацияны сайыннарыы пуондата, Венчурнай хампаанньа, Технопаарка, акселератор B8, Арктикатааҕы инновация киинэ», – диэтэ миниистир Анатолий Семенов.
Миниистир эппитинэн, сотору кэминэн федеральнай таһымҥа «Өйдөөх куорат» нормативтара уонна стандартара бэлэмнэниэхтэрэ. Биирдиилээн технологическай сервистары оҥорууга стартаптар кыттыыларын учуоттуулларыгар эрэллээҕин биллэрдэ.
««Өйдөөх куорат» – аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн уларыйа турар тыыннаах куорат. Информационнай ситимнэр бириэмэҕэ былдьатыа суохтаахтар. Тупса, сайда, саҥаны тобула, дьон туохха баҕарарынан уларытыылары киллэрэ туруохтаахтар. Ол иһин тус толкуйдаан, оҥорон таһаарар олохтоох хампаанньалар хайаан да наадалар, улахан булумньу кэриэтэлэр», – диэтэ Семенов.
This post was published on 27.11.2019 17:36 17:36