Үүммүт 2022 сыл, Сахабыт сиригэр ордук суолталаах, историческай бэлиэ сылынан биллэр. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан араас хабааннаах тэрээһиннэр үлэлэрэ саҕаланна. И.С. Жараев аатынан Саха Өрөпүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин үлэһитэ Семен Семенович Андреев устубут киинэлэрэ дойдубут олоҕун кэрэһиттэрэ.
Хас биирдии тэрилтэҕэ үлэлиир киһи туһунан ааттаах-суоллаах, айар талааннаах. Кинилэр олохторун хас биирдии күнэ бу бэлиэ күнү кытта ситимнээх. Маннык диэн тураммын И.С. Жараев аатынан Саха Өрөпүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин – ол эбэтэр киинэ архив оператора Семен Семенович Андреев устубут киинэлэриттэн билиһиннэриэм.
Историяны сэгэтэн аастахха, сахалартан бастакы үөрэхтээх киинэ оператора Никандр Егорович Саввинов 1962 сыл бүтүн аан дойдутааҕы кинематографистар государственнай иниституттарын операторскай салаатын бүтэрэн кэлбитэ. Илин Сибиирдээҕи киинэ устуудьуйатын операторынан ананан, дойдубут туһунан киинэ сурунааллары, альманахтары, документальнай киинэлэри кинопленкаҕа устубута.
Онтон бу кылгас кэм иһигэр саха киинэтэ аан дойдуга биллэр буолла. Онно киинэ оператора быһа оруоллаах, улахан суолталаах үлэһит буолар. Документалистика диэн дьиҥ буолбукка олоҕуран устуу ураты ньымалаах.
Семен Андреев 80-с сылларга тахсыбыт А.Романов режиссердаах «Орто дойду» уус-уран киинэтигэр ассистент операторынан үлэтин саҕалаабыта. Итинтэн ыла син балачча кэм ааста. Бэйэтин үлэлэрэ туспа буочардаах буоланнар, тас дойдуга кытта тахсыбыта. Нью-Йорк штаб кыбартыыратыгар, Соҕуруу Кореяҕа «Савей» диэн тунгус ойуунун туһунан киинэтэ биһирэммитэ. Историческай суолталаах документальнай киинэни лингвист-учуонай, тыл үөрэҕин билимнэрин хандьыдаата Юрий Иванович Васильев — Дьаргыстайы кытта «Норуокка анаммыт олох» диэн политическай деятель Исидор Бараховка анаан устубуттара. Бу киинэ Саха көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа телебиэриитигэр, Монголияҕа Улан-Удэ куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы тюркологтар конференцияларыгар көстүбүтэ. Манна ордук сыаналаах киинэ кадра киирбитэ. 1926 с. түүр тыллаахтар омуктар Баку куоракка ыытыллыбыт 1 съездтэрин матырыйаалларынан таҥыллыбыта. Съездкэ Сахабыт сириттэн И.Н.Барахов, А.А.Иванов-Күндэ, А.И.Софронов-Алампа бэйэлэринэн кинопленка кадрыгар киирэн, күн бүгүн биһиэхэ бэйэлэрин тыыннаах сэбэрэлэринэн сылдьаллара буолар.
Семен Семенович оператор эрэ быһыытынан буолбакка ис санаатынан история сүппэт чахчыларын оҕо сааһыттан ис дууһатыгар иҥэрэн улааппыт буолан, көрөөччүгэ чаҕылхайдык арыйар.
Ханнык баҕарар киинэни устарга элбэҕи билиэххэ, ааҕыахха, архыып докумуоннарын үөрэтиэххэ, элбэх сюжеттары туһаныахха наада. Ол оператор үлэтигэр быһа сыһыаннаах. С.С. Андреев Олоҥхону чинчийээччи учуонайдар (ИГИ) С.Д.Мухоплеваны, В.В.Илларионовы уо.д.а. кытта элбэх экспедицияларга, конференцияларга, олоҥхо киэһэлэрин тэрийиигэ сылдьан, үгүһү бэйэтигэр арыйбыта уонна «Олоҥхоһут» диэн Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетниковка анаан устубута. Сюжетыгар олоҥхо дьоруойдарын художественнай музей фондатыгар баар худуоһунньук Тимофей Андреевич Степанов үлэлэринэн оҥорбута. Ол курдук хартыынаны тыыннаах курдук хамсатан, олоҥхоһут тылыгар сөп түбэһиннэрэн устубута. Хас сыл ахсын ахсынньыга ыытыллар олоҥхо күннэригэр оскуола оҕолоругар бу киинэ нөҥүө элбэҕи үөрэтэбит.
Улуустарга, нэһииэктэргэ туспа, ураты дьарыктаах дьон, үлэһит үтүөлэрэ олороллор. Маны барытын үйэтитэргэ аҥаардас сурукка эрэ киллэрии татым. Ону табатык өйдөөн “Кэпсээ ээ Мэлдьэхсин”, “Тапталлааҕым Тулуна”, «Дьанхаада» курдук документальнай киинэлэр Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас улуустара уһултарбыттара. Олохтоох нэһилиэнньэҕэ эрэ буолбакка өрөспүүбүлүкэбит бар дьонун үрдүк сэҥээриитин ылар.
Спорт эйгэтигэр «Чемпионат по вольной борьбе на земле Олоҥхо», доруобуйа харыстабылыгар «Факель Гиппократа», «Санитарная авиация РС(Я)», тыйаатыр эйгэтигэр «Оһуор салҕаныыта», «Время полета», ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа «Айылҕа талаана холустаҕа», тимир уустарыгар «Кузнецы на земли Олоҥхо», уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин көрдөрөр киинэлэрэ «Служи сынок…», «Ньырбакаан» уонна да атыттар.
Аҥаардас биир айар талааннаах оператор үлэтин сэгэтэн көрдөххө дириҥ ис хоһоонноох айымньы суруллар. Өссө да инники элбэх былааннаах үлэ күүтэр. Сүүрбэттэн тахса сыл биир тэрилтэҕэ кинокамераны сүгэ сылдьан төһөлөөх элбэх тэрээһиннэри үйэтиппитэ буолуой?! Норуот ону билиэхтээх.
Ааптар: Марина Винокурова, СӨ култууратын туйгуна, Дьокуускай
This post was published on 30.01.2022 13:12 13:12