Мииринэйгэ 27 дьиэни өрөмүөннүүргэ 237, 370 мөл солк, Ленскэйгэ түөрт дьиэҕэ 9, 682 мөл солк көрүлүннэ.
Ленскэйгэ инженернэй систиэмэни уларытыыга ылысахтара — ыраас уу, ититии биэриитигэр, туттуллубут ууну ыытыыга. Дьиэлэр сүрүннээн 80-с сыллардааҕы тутуулар, онон, бастатан туран, систиэмэни саҥардыыга наадыйаллар.
Мииринэй куоракка элбэх эбийиэккэ «под ключ» киэбинэн өрөмүөн үлэтэ наада — инженернай систиэмэттэн саҕалаан, түннүктэри сылытыыга уонна вентиляция ситимин туруорууга тиийэ.
Светлайга 5, Чернышевскайга 1 дьиэ өрөмүөннэнэр, хоруобуйалар оҥоһуллаллар.
«Фонд капитального ремонта многоквартирных домов Якутии» НКО сүрүн инженера Василий Кулаковскай эппитинэн, 9 бэдэрээт тэрилтэтэ үлэлиир.
Саха сирин олохтоохторо дьиэлэригэр капитальнай өрөмүөн туһунан 8-914-270-06-86 (WhatsApp эбэтэпр Telegram) ыйытыахтарын сөп.
This post was published on 17.06.2022 14:01 14:01