Саха сирин Ил Дарханын быыбарыгар барыллаан чахчынан Айсен Николаев бастаан иһэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын барыллаан чахчытынан, олохтоох бириэмэнэн 07.00 чааска Саха сирин Ил Дарханын быыбарыгар Айсен Николаев иһин 73,07 %  киһи куоластаата.

Иккис миэстэҕэ – Виктор Губарев (11,51 %), үһүскэ – Владимир Богданов (6,11 %), төрдүскэ –Гаврил Парахин (5,7 %).

Хамыыһыйалар куоластары ааҕа сылдьаллар – боротокуол 93,7  % обработкаланна.

Ил Түмэн быыбарыгар “Биир ньыгыл Арассыыйа” инники күөҥҥэ иһэр, бу баартыйа хандьыдааттарын иһин 58,39 % куолаһы биэрдилэр. Иккис миэстэҕэ – КПРФ (19,07 % ), онтон “Сиэрдээх Арассыыйа” (15,99 % ), төрдүскэ – ЛДПР (9,15 %).

This post was published on 10.09.2018 09:57 09:57