Саха сиригэр ыам ыйын 12 күнүттэн Дьааҥы уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар уон ойуур баһаарын умуруоруу бара турар, уопсай иэнэ 3 154 га. Уоту умуруорууга 237 сотрудник уонна 9 техника үлэлиир. Ол туһунан экология министиэристибэтэ суруйар.
Эбээн Бытантай уонна Уус Алдан оройуоннарыгар баһаары утары охсуһууга оһуобай эрэһиим олохтоммута, оттон Дьааҥыга ЧС эрэсиимэ биллэриллибитэ.
Баһаар кутталын сезона саҕаланыаҕыттан 60 ойуур баһаара таҕыста, уопсай иэнэ 17 024,95 га.
This post was published on 12.05.2025 13:17 13:17