Саха сирин хоту улуустарыгар алтынньы ыйа ураты сылаас буолла. Сорох улуустарга билигин да плюс кыраадыс турар.
ТАСС Арассыыйа Гидрометцентрын научнай салайааччытыгар Роман Вильфандка сигэнэн суруйарынан, Саха сирин хоту өттүгэр, Камчаткаҕа кэлэр нэдиэлэҕэ салгын температурата нуорматтан 12-14 кыраадыһынан үрдүк буолуо.
«Бу саамай-саамай сылаас эрэгийиэннэр, аномалия туһунан этэр буоллахха», — диир Вильфанд.
Бу иннинэ тымныы полюһун олохтоохторо Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр хаһыс да күнүн ураты сылаас күннэр туралларын бэлиэтээбиттэрэ.
«Мин санаабар, маннык сылыйыы глобальнай сылыйыыны кытары ситимнээх. Быйыл сайын кураан буолбута, өрүстэр уулара чычаарбыта. Күн баччатыгар диэри күһүҥҥү курдук сылаас күннэр тураллар. Соторутаахха мастар иккистээн үнүгэстээбиттэрэ», — диир нэһилиэк олохтооҕо Елена Черемкина.
Маннык көстүү хоту атын улуустарыгар эмиэ бэлиэтэнэр. Орто Халымаҕа, Тиксиигэ, Дьааҥыга, Анаабырга о.д.а. улуустарга бу күннэргэ Арассыыйа Гидрометцентрын көрдөрүүтүнэн күнүс салгын температурата 10 кыраадыстан аллара түһүө суоҕа.
«Сааһым тухары Орто Халымаҕа олоробун да алтынньыга бу курдук сылыйбытын өйдөөбөппүн. Сайын хаар түһээччи. Оттон баччаҕа плюс кыраадыс турбутун өйдөөбөппүн. Билигин хаар ууллар сылааһа турара, биллэн турар, дьиксиниини үөскэтэр», — диир Орто Халыма олохтооҕо Евгения Алексеева.
Евразия хоту өттүгэр нуорматтан хадьайан сылыйыы ирбэт тоҥтон былыр тоҥмут парниковай гаастар тахсаннар, килиимэт сылыйыытын өссө күүһүрдүөхтэрин сөбүн туһунан National Geographic России суруйар. Эмискэ сылыйыы (внезапная оттепель) Арктика ирбэт тоҥун 5% таарыйыан сөп. Оччотугар глобальнай ириэрии икки төгүл түргэтиэн сөп.
This post was published on 20.10.2020 11:03 11:03