Саха сирин хочуолунайдарын саҥардыыга 5 млрд-тан тахса солк көрүөхтэрэ

Ааспыт икки сылга Саха сиригэр 45 хочуолунай тутулунна. 2020 сылга инвестиционнай уонна тэрилтэлэр өрөмүөнү ыытыы бырагыраамаларыгар олоҕуран, 5,5 млрд солк ыытар былааннаахтар.


«2019 сылга 23, 2018 сылга 22 хочуолунай тутулунна. Ол эбэтэр биһиги сылын аайы үлэ таһымын биир тэҥ тутабыт. Бу, бастатан туран, эрэллээх, хаачыстыбалаах уотунан уонна итиинэн хааччыйыыга туһуланар. 185 хаарбах туруктаах ситим өрөмүөннэннэ, хотугу уонна Арктика кытылынан дизельнай генератордар саҥардыллалар. Элбэх үлэ ДьГРЭС, ГРЭС-1 уонна 2, Бүлүүтээҕи ГЭС каскада, Нерюнгриттааҕы эмиэ оҥоһуллар», — ОДьКХ уонна энергетикэ миниистирин бастакы солбуйааччы Вячеслав Емельянов ВГТРК ханаалыгар эттэ.

Кини эппитинэн, үүммүт 2020 сылга эмиэ элбэх тутуу былааннанар, ол сыалга 5,5 млрд солк көрүлүннэ.

Сиһилии https://ysia.ru/bolee-pyati-milliardov-rublej-napravyat-na-modernizatsiyu-kotelnyh-yakutii/

This post was published on 19.03.2020 17:38 17:38