Саха сириттэн алта спортсмен Бүтүн Россиятааҕы ГТО чемпионнарын бэстибээлигэр кыттыаҕа. Ахсынньы 8 — 12 күннэригэр Белгородка кинилэр хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиэхтэрэ.
ГТО бэстибээлин күрэхтэһиитэ иккис сылын ыытыллар уонна быйыл 55 хамаанда кыттара былааннанар, ол иһигэр Саха сириттэн. Хамаандаларга 18-29, 30-39 уонна 40-49 саастаахтартан биирдии дьахтар уонна эр киһи, уопсайа алта киһи кыттар, VI, VII уонна VIII үктэллэр.
«Хамаанда күүстээх, онон бастыҥнар буолалларыгар эрэллээхпит. Уопуттаах спортсменнар Евгения Сентизова уонна Арина Югова кыайыыга сирдиэхтэрэ», — диэтэ спорт миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев.
Хамаанда хапытаана Арина Югова күрэхтэһиигэ кыайыыны баҕарбыттарга махтанна.
Хамаанда састааба: Александр Барашков, Иван Ануфрьев, Евгения Сентизова, Николай Филиппов, Арина Югова и Илья Тимофеев.
Бырагыраамаҕа икки сүрүн хайысха баар: «Гонка ГТО» – хамаанданан уонна «Иду на рекорд» – спортсмен тус киирсиитэ.
This post was published on 07.12.2021 19:01 19:01