Саха сирин хамаандата «Буойун Суола» күрэхтэһии финалыгар кыайыыны ситистэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин хамаандата «Буойун Суола» бастакы Бүтүн Россиятааҕы байыаннай-тактическай күрэхтэһии финалыгар кыайыыны ситистэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

«Бу түмүк дьаныардаах эрчиллии, көҥүл күүһэ уонна дьиҥнээх хамаанданан биир санааланыы түмүгэ буолла. Биһиги оҕолорбут Саха сирин тыына кытаанаҕын, оттон ыччат ханнык баҕарар тургутууга бэлэм буоларын дакаастаатылар. Саха сирэ эдэр буойуннарынан киэн туттар! Эһиги саастыылаахтаргытыгар хорсун быһыы, дьулуур холобура буолаҕыт. Бу кыайыы төрөөбүт өрөспүүбүлүкэҕит уонна Бүтүн Арассыыйа аатырарыгар саҥа ситиһиилэр саҕаланыылара буоллун», — диэн Айсен Николаев суруйда.

Санатан эттэххэ, финальнай түһүмэххэ Россия түөрт регионуттан — Саха Сириттэн, Хабаровскай кыраайтан, Волгоградскай уонна Тюмень уобаластарыттан саамай күүстээх хамаандалар кытыннылар.

Күрэхтэһии Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Российскай Федерация президенин Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, «БУОЙУН» Киин Кэтээн көрөр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Трутнев сорудаҕынан «БУОЙУН» Киин курсааннара ылбыт билиилэрин бэлэмнээһин тиһигин тупсарар уонна олоххо бигэргэтэр сыалтан ыытыллар.

This post was published on 19.09.2025 15:28 15:28