Кулун тутар саҥатыттан Саха сирин Госкомцен итии линиятыгар ас-үөл уонна атын табаар сыаналара үрдээбитин туһунан 709 этии киирдэ. Киирбит этиилэриттэн аҥарыттан ордуга социальнай суолталаах испииһэккэ киллэриллибит табаардар туһунан диэн ulus.media биэдэмистибэ пресс-сулууспатыгар сигэнэн иһитиннэрэр.
Үҥсүү сороҕо испииһэккэ киллэриллибэтэх бородуукталарынан. Атын үҥсүүлэр ботуруон, подгузник, сииктээх салфетка, туалетнай кумааҕыны, А4 кумааҕы, кассовай лиэнтэ, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиникэтин сыаналара үрдээбиттэрин туһунан.
«Киирбит үҥсүүлэртэн 61 хаартыскалаахтара, чиэктээхтэрэ борокуратуураҕа бэрилиннэ, уонна ГКУ «Тарифное агентство» исписэлиистэрин тардан, хайыы- үйэ 12 оройуоҥҥа уонна Дьокуускайга бэрэбиэркэ саҕаланна«, — диэн Госкомцен бэрэссэдээтэлэ Саргылаана Матвеева иһитиннэрдэ
«Дьокуускай куорат борокуратууратын кытта бэрэбиэркэҕэ агентство 6 үлэһитэ таҕыста. Улуустарынан биһиги исписэлиистэрбитин кытта бэрэбиэркэ ый саҕаланыаҕыттан барар», — диэн тариф агентствотын дириэктэрэ Галина Служаева биллэрдэ.
This post was published on 21.03.2022 11:03 11:03