Саха сирин 26 оройуонугар уонна регион киин куоратыгар ардах түһэрэ күүтүллэр. Тыал күүһэ 15-20 м/с тиийиэҕэ, диэн СИА иһитиннэрэр.
Намҥа, Мэҥэ-Хаҥаласка, Горнайга, Чурапчыга, Тааттаҕа, Уус-Алдаҥҥа, Аммаҕа, Уус-Маайаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Эбээн-Бытантайга, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа, Томпоҕо, Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Халымаҕа уонна Дьокуускай таһыгар ардахтыыра күүтүллэр.
Киин, соҕуруу, аллараа Өлүөнэ диэки уонна хотугулуу-илин оройуоннарга быстах ардах түһүөҕэ. Кэбээйи, Эдьигээн улуустарыгар сорох сиринэн ардах уонна этиҥнээх ардах күүтүллэр. Хоту тыал 9 -14 м/с, Арктика оройуоннарыгар этиҥнээх ардах кэмигэр сорох сиринэн тыал 15-20 м/с тиийэ күүһүрүөҕэ. Түүн салгын температурата +13… +18 °С, хоту уонна Арктика оройуоннарыгар — +6… +11 °с. Күнүс — +24… +29 °С, хоту — +14… +19 °С, Арктика оройуоннарыгар — +9… +14 °с.
Дьокуускайга 2-7 м/с күүстээх уларыйа сылдьар тыаллаах, этиҥнээх ардахха-15 м/с диэри күүһүрүөҕэ, күнүс салгын температурата — +23+25 °С, түүн +17 ° +18 °с сылаас буолуоҕа.
This post was published on 02.08.2022 16:11 16:11