Саха сирин фтизиатрдара коронавирус сэлликкэ дьайыытын үөрэтэллэр

«Фтизиатрия» научнай-практическай киин директора Егор Прокопьев социальнай ситимнэринэн быһа биэрии кэмигэр эппитинэн, тэрилтэ коронавирус сэлликкэ дьайыытын үөрэтиини саҕалаабыт. Чинчийии түмүгэ икки сылынан биллиэҕэ, суруйар СИА.


«Биһиги институппут коронавирус сэлликкэ дьайыытын үөрэтиини саҕалаата. Онон икки сылынан COVID-19 тыҥа ыарыытыгар дьайыытын быһаарыахпыт дии саныыбын», — диэтэ Егор Прокопьев.

Быраас бэлиэтээбитинэн, пандемия саҕаланыаҕыттан, Научнай-практическай киин 45 ыарыһаҕа COVID-19 ыарыыны чэпчэкитик уонна орто-чэпчэкитин аһарта. Өлүү суох. Сорохтор сибикитэ суох ыарыйдылар. ПЦР чинчийиинэн бэрэбиэркэлэммиттэр.

Егор Прокопьев кэпсээбитинэн, пандемия Киин үлэтигэр кэккэ уларытыылары киллэрдэ. Тэрилтэ туспа дьиэлээх, Покрышкин аатынан уулусса, 106 нүөмэригэр турар, онно ыарыһахтар маршруттара оҥоһулунна, туспа инфекционнай блок арылынна уонна провизорнай отделение тэрилиннэ. Икки сэлликтэн эмтэнээччилэргэ аналлаах медицина тэрилтэтигэр — №1 Клиникаҕа  (улахан дьоҥҥо) уонна №2 Клиникаҕа (оҕолорго) балыыһаҕа COVID-19 бэрэбиэркэлээх эрэ ылыллыбыттар.

This post was published on 24.03.2021 12:01 12:01