Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга уонна байыаннай сулууспаҕа сылдьааччыларга гуманитарнай көмө оҥорор пууҥҥа бааһынай (фермерскай) хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбаларын кээпэрэтииптэрин Ассоциацияларын Сэбиэтин чилиэннэрэ экипировка уонна эмп аҕалан туттардылар.
Ассоциация президиэнэ Александр Артемьев.
«Биһиги наадалаах экипировкалары ыллыбыт (балаклава, ичигэс бэргэһэ, тактическай бэрчээкки, үрүксээк), дезинфекцияҕа уонна гигиенаҕа туттар медицинскай сириэстибэлэри Дьокуускайдааҕы пууҥҥа туттардыбыт», — Саха сирин АККОР толорооччу дириэктэрэ Зарема Бочкарева эттэ.
Президент Александр Артемьев бэлиэтээбитинэн, маннык көмө хомуйуута төһө кыалларынан элбэх буолуохтаах. Итинник этэн туран, кэллиэгэлэрин аграрнай-промышленнай комплекс үлэһиттэрин бу дьыалаҕа кыттыһалларыгар ыҥырда. «Түмсэн, биир дойдулаахтарбытыгар кыһамньыбытын уурабыт, оттон кинилэр өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүллээх буолаллар», — диэтэ кини.
This post was published on 19.10.2022 11:01 11:01