Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтэ Дьокуускай тулатыгар браконьердаан бултааһын чахчытын бигэргэттэ

Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтэ Дьокуускай таһыгар бөртөлүөтү туһанан сокуоннайа суох бултааһын чахчытынан бэрэбиэркэни саҕалаата. Бу туһунан СИА-ҕа биэдэмистибэттэн иһитиннэрдилэр.

Алтынньы 21 күнүгэр  Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтигэр Бүлүү оройуонугар бөртөлүөттэн тайахха браконьердааһын ыытылларын туһунан иһитиннэрии кэлбитэ. Туһааннаах иһитиннэрии СӨ ИДьМ уонна СӨ борокуратууратыгар бэриллибитэ.

СИА-ҕа бу балаһыанньаны билэр киһи биллэрбитинэн, видеокэтээн көрүү тиһигэ салгын суудуната көппүтүн уонна элбэхтэ ыппыттарын бэлиэтээбитэ.

Олохтоох нэһилиэнньэттэн иһитиннэриини тутаат, министиэристибэ судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэрэ хонтуруоллуур-кэтээн көрөр тэрээһини ыыттылар. Рейдэ түмүгүнэн бөртөлүөтүнэн сылдьан бултааһын чахчыта билиннэ. Миэстэтигэр суһал бөлөх үлэлиир.

This post was published on 22.10.2018 15:36 15:36