Чунуобунньук өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын министиэристибэҕэ госсулууспа уонна хоруупсуйаны утары үлэлэр тустарынан сокуону тутуһууга ыыппыт бэрэбиэркэтин түмүгүнэн эппиэтинэскэ тардылынна.
Биллибитинэн, экология миниистирин солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу сулууспалаахтарга олохтоммут бобуулары уонна хаарчахтааһыннары тутуспатах. Борокуратуура пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, дуоһунастаах киһи ХЭТ-тэн 25 быр. кээмэйдээх өлүүлэһиигэ тиксэр эбит. Онон чунуобунньук министиэристибэ түһэрсэр дуогабардарыгар, көҥүлү уонна лицензияны биэриигэ фирмаҕа преференциялары оҥорор кыахтааҕа. Маны сэргэ кини бэйэтин декларациятыгар дьиҥэ суох чахчылары ыйбыт, ааспыт сылга ХЭТ-кэ кыттыытын уонна итинтэн төһө өлүүлэһэрин ыйбатах.
Булуллубут кэһиилэргэ олоҕуран миниистири солбуйааччыны быыгабардаатылар уонна юридическай сирэй састаабыттан тахсарыгар миэрэ ыллылар.