Саха сирин эдэр ыалларыгар харчынан өйөбүл оҥоһуллуоҕа

Саха сиригэр 25-гэр диэри саастаах дьон ыал буоллахтарына биир кэмнээх харчынан көмө ылаллар.

Сорудаҕы регион баһылыга Айсен Николаев биэрдэ. Үлэ министиэристибэтин дааннайынан, төлөбүр хас ыал буолааччыга 50 тыһ солк.

Өйөбүл миэрэтэ 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар. Барыллаан сыаналааһынынан бу сыалга уопсайа 76,5 мөл солк көрүллэр.

This post was published on 14.07.2023 14:22 14:22