Саха сирин эдэр суруйааччыларын мунньахтара муус устарга буолуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга муус устар 3 — 5 күннэригэр XXIV өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар мунньахтара буолуоҕа.

18 — 40 саастаах ааптардар кытталлар. Үлэлэрин кэтэхтэн көрүү барыллаан түмүгүн таһаарбыттарын кэнниттэн талыыны ааһаллар.

Үлэлэрин кэтэхтэн түһүмэххэ кулун тутар 15 күнүгэр диэри ederlit@mail.ru электроннай почтаҕа ыыталлар.

Секциялар:

Сахалыы тылынан хоһоон: 7-10 талыллыбыт айымньылар;

Сахалыы тылынан проза – 1-3 кэпсээн эбэтэр 1 улахан айымньы;

Нуучча тылынан хоһоон – 7-10 талыллыбыт айымньылар,

Нуучча тылынан проза – 1-3 кэпсээн эбэтэр 1 улахан айымньы;

Аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларынан (сааһыттан тутулуга суох) — 7-10 талыллыбыт хоһоон; прозаҕа 1-3 кэпсээн эбэтэр 1 улахан айымньы;

Драма (сааһыттан тутулуга суох): биир пьеса;

Оҕо уонна эрдэҕэс саас литературата: 7-10 талыллыбыт хоһоон; прозаҕа 1-3 кэпсээн эбэтэр 1 улахан айымньы;

Кириитикэ (сааһыттан тутулуга суоху): 1-3 кириитикэ ыстатыйата эбэтэр 2-3 рецензия айымньыга.

Сайаапкаҕа суруллар:

Толору аата, төрөөбүт күнэ-дьыла, идэтэ, үлэлиир сирэ, төлөпүөнүн нүөмэрэ;

Кылгас биография (үөрэҕэ, үлэлиир сирэ, публикацияларын туһунан, айар түмсүүлэргэ кыттыыта).

Талыы түһүмэҕин түмүгэ кулун тутар 18 күнүгэр буолуоҕа.

This post was published on 29.02.2024 14:01 14:01