Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков салалтатынан Олоҥхо уон сылын тэрийэн ыытар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай кэмитиэтэ олоҥхо эйгэтин кэҥэтиигэ улахан болҕомтону уурар. Олоҥхо тыыныгар ыччаты иитии бастаан оскуолалартан саҕаламмыта. Салгыы олоҥхо педагогиката аны оҕо уһуйааннарыгар киирбитэ.
Олоҥхо геройдарын уобарастарыгар олоҕурбут оонньуурдарынан оҕо саадтарын хааччыйар туһунан боппуруоһу Национальнай кэмитиэт өссө 2011 сыллаахха көҕүлээбитэ. Бу ааспыт биэс сыл устата ити хайысхаҕа үлэ баран, Национальнай кэмитиэт туруорсуутунан Ил Түмэн бюджекка үп көрөн, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ «Олоҥхо эйгэтэ – оҕо оонньуутугар» бырайыагы олоххо киллэрдэ.
Бу улахан үлэҕэ бастакы хардыы 2011 с. Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт семинарга иитээччилэри кытта Александр Жирков көрсүһүүтүттэн саҕаламмыта. Ол курдук олоҥхо персонажтарынан куукула таҥаһын тигии уонна театрга анаан оҕо көстүүмүн оҥорууга республикатааҕы куонкурус буолбута. Куукулалары сэргэ кинилэргэ анаан сахалыы таҥас киэптээх альбом-каталог таһаарыллан оҕо саадтарыгар тарҕаммыта.
«Олоҥхо эйгэтэ – оҕо оонньуутугар» бырайыакка үлэ хаамыытын туһунан сэтинньи 8 күнүгэр Олоҥхо уон сылын тэрийэн ыытар СӨ Национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков ыыппыт мунньаҕар кэпсэттилэр. Мунньахха филологическай наука доктора, СВФУ профессора Василий Илларионов, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһиҥҥэ уонна тыл бэлиитикэтигэр отделын салайааччытын солбуйааччы Туйаара Абрамова, министиэристибэ оскуола ининээҕи үөрэхтээһинин отделын салайааччыта Елена Томтосова, СӨ Национальнай оскуолаларга институтун үлэһитэ Диана Ефимова, «Чороон ХХI үйэ» ХЭТ дириэктэрэ Софья Попова, дириэктэри солбуйааччы Петр Константинов кытыннылар.
Үөрэх министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Туйаара Абрамова иһитиннэрбитинэн, олоҥхо персонажтарынан 1 тыһ. комплект оҥоһуллубут. Бастакы партия — 50 комплект бу күннэргэ Дьокуускайга кэлэн, Олоҥхо декадатын аһыллыытыгар, сэтинньи 25 күнүгэр, олоҥхо педагогикатынан дьарыктанар оҕо саадтарыгар туттарыллыаҕа.
Бастакы түһүмэххэ комплекка 5 куукула оҥоһуллубут. Манна Туйаарыма Куо, Үрүҥ Уолан, Ньургун Боотур, Кыыс Ньургун, Айыы Умсуур Удаҕан уобарастара түмүллүбүттэр. Иккис түһүмэххэ үбүлээһин боппуруоһа салгыы быһаарылыннаҕына, кэлэр сылга эбии атын персонажтары оҥоруохтара. Силигин ситтэҕинэ, комплект барыта 10 персонажтан турар буолуохтаах. Билиҥҥи 1 тыһ. комплект ахсынньыга Дьокуускайга кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ олоҥхонон дьарыктанар уһуйааннарыгар тарҕаныахтара. Куукулалары оҥорууга «Чороон ХХI» үйэ тэрилтэ үлэлэстэ. Дириэктэр Софья Попова бэлиэтээн эппитинэн, сонун хайысхаҕа ылсыбыттара кинилэргэ үлэлииргэ биир өттүнэн уустук, ол эрээри интэриэһинэй буолбут. Анал куонкуруһу кыайан, тэрилтэ олоҥхо куукулаларын оҥорууга аан бастаан холоммут. Кытайга анаан-минээн куукуларынан дьарыктанар фабрикалары кытта бииргэ үлэлэспиттэр. Софья Трофимовна оҥоһуктарын аҕалбытын мунньах кыттыылаахтара көрөн баран, табыллыбыт, оҕолорго сөптөөх гына оҥоһуллубут диэн сыанабыл биэрдилэр.
Александр Жирков оҕо саадтарыгар олоҥхо персонажтарынан комплегы тарҕатарга, иитээччилэргэ анаан сөптөөх методическай, дидактическай матырыйааллар баар буолуохтаахтарын, мунньах кыттыылаахтарын бу үлэҕэ болҕомтону ууралларыгар эттэ. Итиэннэ оҕолорбутугар сахалыы оонньуурдары оҥоруу итинэн эрэ мунурдаммакка, оҕо оонньуурун эйгэтин кэҥэтиигэ саха остуоруйаларын персонажтарынан оонньуурдары оҥорууну саҕалыыр туһунан бэлиэтээн эттэ.
Кыра оҕо оонньуур көмөтүнэн төрүт култуураҕа, норуотун үгэстэригэр сыстара, уһуйуллара киһи быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар улахан оруоллаах, сабыдыаллаах. Оҕону иитиигэ бэйэ омугунан киэн туттар, бэйэ историятын, төрүт үгэстэрин, духуобунай нэһилиэстибэтин өрө туттахха, оччоҕо норуоппут инникилээҕэр уонна сайдар кэскиллээҕэр саарбахтыа суох этибит. Барыта оҕо туһугар оҥоһуллар диэн этиини бу үөһээ этиллибит кэпсэтии толору кэрэһилиир.
This post was published on 10.11.2017 09:46 09:46