Саха сирин дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэтин уорганнара төгүрүк бэлиэ дааталарын бэлиэтээтилэр

Быйыл өрөспүүбүлүкэ СӨ дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэни олоххо киллэриигэ судаарыстыбаннай былаас толоруулаах уорганын 25 сылын бэлиэтээтилэр. 1995 с. Уһук Илиҥҥэ аан бастаан Саха сиригэр дьиэ кэргэн, онтон 1999 сыллаахха демографическай бэлиитикэ концепцията бигэргэммитэ.

Өрөспүүбүлүкэ вице-премьерэ Михаил Гуляев сокуон баазата бу эйгэҕэ толору оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ, судаарыстыба сүбэһитэ Михаил Николаев видеотуһаайыытын холбообуттара.

“СӨ ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистирэ Иван Луцкан бу эйгэ исписэлиистэрин эҕэрдэлээтэ.

Вероника Аммосова.

This post was published on 25.05.2018 16:02 16:02