Саха сирин олохтоохторугар субсидированнай авиабилиэт ахсаанын эбэллэригэр Госдуума депуттарыгар өрөспүүбүлүкэ депутаттара этии оҥордулар. Маны сэргэ федеральнай бюджеттан санаторнай-курортнай эмтэнии ороскуотун чааһын уйунарга этии киллэрдилэр, суруйар СИА.
РФ Федеральнай Мунньаҕын Госдуума туризмҥа, туристическай инфраструктураҕа кэмитиэтин көһө сылдьар мунньаҕын кэнниттэн Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев СИА-ҕа комментарий биэрдэ. Кини эппитинэн, региоҥҥа туризм сайдыытын таһынан, тас туризм туһунан эмиэ кэпсэттилэр.
«Тырааныспар өҥөтүн ороскуота кыаллыбат буолан, өрөспүүбүлүкэ сорох олохтоохторо регион тас өттүгэр айаннара хааччахтаах. Федеральнай бюджеттан субсидиялаах авиабилиэт ахсаанын эбэллэригэр эрэллээхпит. Саха сирин олохтоохторо сүрүннээн маннык билиэтинэн сайыҥҥы кэмҥэ туһаналлар. Кистэл буолбтах, авиахампаанньалар бу кэмҥэ тарыыбы улаатыннараллар», — диэтэ спикер.
Маны сэргэ норуот депутаттара санаторнай-курортнай эмтэнии ороскуотун чааһын федеральнай бюджеттан сабыыны, Уһук Илиҥҥи туристическай фирмаларга федеральнайдааҕы нолуоктарыгар чэпчэтии көрүүтүн эттилэр. Ордук болҕомтону региоҥҥа тырааныспарынан хааччаҕа суох айаны тэрийиигэ уурдулар. Логистика тас туризмҥа хааччахтыыра элбэҕэ этилиннэ.
«Өрөспүүбүлүкэ былаһааккатыгар диалог буолла, бэйэ-бэйэбитин иһиттибит. Элбэх боппуруоска көрүүлэрбит биирдэр. Элбэх этии уонна көҕүлээһин докумуоҥҥа киириэҕэ — ол чуолкай. Онтон төһөтө сокуон бырайыагар киирэрин бириэмэ көрдөрүөҕэ. Инструментарийы төһө хаачыстыбалаахтык оҥорорбутуттан үгүс тутулуктаныаҕа. Маны сэргэ толоруулаах былаас иннигэр хайдах сөптөөхтүк аргуменныырбыт эмиэ дьайыылаах буолуоҕа. Сокуон бырайыага ылыллыыта – улахан үлэ», — диэн Госдуума туһааннаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сангаджи Тарбаев эттэ.
This post was published on 23.05.2022 15:01 15:01