Саха сирин делегацията Алтайга Курултайга кытынна

«Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ «Олоҥхо нөҥүө олоҥхоһуттар бииргэ үлэлээһиннэригэр» диэн массыынанан айаны соҕуруу Сибииргэ тэрийэрэ үгэскэ кубулуйан эрэр.


Бырайыак ааптара, «Арчы Дьиэтин» алгысчыта Борис Михайлов 2011 с. Саха сирин ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттарын илдьэ Бурятияҕа, Хакасияҕа, Тываҕа эмиэ массыынанан айаннаан тиийэн, саха олоҥхотун билиһиннэрэн, иһитиннэрэн турар. Ол сырыылар тустарынан «Урааҥхай дойдутугар айан» документальнай киинэ «Саха» НКИК көрдөрүллүбүтэ уонна өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар сырдатыллыбыта. Оттон 2014 с. Монголияҕа сырыы туһунан эмиэ «Монголия истиэбэр Олоҥхо» киинэ (режиссер уонна оператор Анатолий Спиридонов) телевидениеҕэ көрдөрүллэн, дьон сэҥээриитин ылбыта.

Бу бырайыактарга элбэхтик сылдьыспыт олоҥхоһут, Олоҥхо тыйаатырын Үрдүкү Сэбиэтин бочуоттаах чилиэнэ Николай Баишев, «Арчы дьиэтин» үлэһиттэрэ Борис Михайлов, Владислав Киренскэй уонна суруналыыстар Галина Нельбисова, Надежда Егорова кыттыылаах бөлөх быйыл бэс ыйын 28 күнүгэр—от ыйын 18 күннэригэр Дьокуускай — Улан-Удэ — Алтай маршрутунан 12500 километры айаннаан тиийэн, Горно-Алтайск куоракка ыытыллыбыт «Эл Ойын» бырааһынньыгы илэ хараҕынан көрөн, эт кулгааҕынан сэргээн уонна олоҥхоһуттар Курултайдарыгар кыттан кэллэ.

«Эл-Ойын» – көһө сылдьар бырааһынньык

От ыйын 7-9 күннэригэр ыытыллыбыт «Эл-Ойын» диэн регионнар икки ардыларынааҕы бырааһынньык Алтай норуота Арассыыйа судаарыстыбатыгар баҕа өттүнэн киирбитэ 260 сылыгар уонна Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 25 сылыгар ананна.

Биһиги Ыһыахпытыгар маарынныыр «Эл-Ойын» бырааһынньык 1988 сылтан саҕалаан, икки сылга биирдэ өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын сэлиэнньэлэригэр көһө сылдьан (алтайдар былыргы көс биистэрин удьуордарын буолалларын кэрэһилээн) тэриллэр. Оттон 2006 сылтан өр кэм устата Онгудай оройуонун Кабайлу Межелик диэн сиригэр ыытыллар буолбута мээнэҕэ буолбатах. Манна 260 сыл анараа өттүгэр Алтай 12 зайсана императрица Елизаветаҕа сурук суруйбут. Сурук ис хоһооно – Кытай халабырдьыттара Алтай аҕыйах ахсааннаах норуотун имири эһэр кутталлара үөскээбитигэр кинилэри Арассыыйа империятыгар ыларга көрдөһүү.

Регионнартан кэлэр ыалдьыттар тиэски сиргэ сытар оройуоҥҥа тиийэ сатаабакка, куоракка кэлэллэрэ судургутун учуоттаан уонна күүстээх ардахтар түһэннэр, быйыл улахан бырааһынньыгы Горно-Алтайск куоракка ыыттыллар. Биллэн турар, ону утарсааччылар бааллар эбит. Урутаан эттэххэ, мин эмиэ түүр норуоттарын биһиги Ыһыахпытыгар маарынныыр бырааһынньыктара Алтай аатырбыт-сураҕырбыт хайаларын тэллэхтэригэр сыста сытар киэҥ-нэлэмэн сиргэ, иитэ-саҕата көстүбэт истиэпкэ ыытылларын харахпар ойуулаан көрбүтүм. Оччоҕо бырааһынньык (чуолаан олоҥхоһуттар күрэхтэрэ) өссө ордук өйгө-санааҕа хаалыа, биир хааннаах, төрүттээх омуктар буоларбытын өссө күүскэ итэҕэтиэ эбитэ буолуо… Онон, Алтай төрүт олохтоохторо, олоҥхону, өбүгэ оонньууларын эттэригэр-хааннарыгар илдьэ сылдьааччылар эбэтэр эдэр көлүөнэ дьон куоракка ыытыллыбыт бырааһынньыкка кыайан кэлбэккэ хомойбут буолуохтарын эмиэ сөп.

Ол да буоллар, киин куоракка аан бастаан ыытыллыбыт бырааһынньыкка тыһыынчанан ахсааннаах кыттааччы уонна көрөөччү Алтай оройуоннарыттан, Туваттан, Хакасияттан, Казахстантан, Башкортостантан, Монголияттан, Кытайтан уо.д.а. кэллилэр.

Бырааһынньык кэмигэр куреш тустууга, оҕунан ытыыга, ат уонна гиирэ спордугар, тааһы көтөҕүүгэ, алтай-шатре дуобакка, камчи уо.д.а. оонньууларга киирсиилээх күрэхтэһиилэр дьон-сэргэ болҕомтотун ыллылар.

Олохтоохтор «Эл-Ойын» норуот духуобунаһыгар уонна култууратыгар, омук үгэстэрин бөҕөргөтүүгэ уонна сайыннарыыга улахан оруоллааҕын бэлиэтииллэр. Маннык оонньуулар былыргы скифтэр уонна гуннар, түүр каганаттарын кэмнэриттэн саҕаламмыт. Былыргы дьыллар мындааларыгар сүдү бырааһынньык кэмигэр норуоттар икки ардыларыгар ис иирээннэр тохтотуллаллара, бэл өстөөҕүнэн аатырааччылар Киин Азия «Олимпийскай оонньууларын» кыттыылаахтара буола түһэллэрэ. Онон, култуурунай-спортивнай дьаһал быһыытынан тиллибит «Эл Ойын» кэнники сылларга дириҥ суолталанан, өбүгэлэр үгэстэригэр төннүүнү кэрэһилиир.

Олоҥхоһуттар Курултайдара

«Эл Ойын» бырааһынньык биир сүрүн уонна улахан болҕомтоҕо ылыллыбыт дьаһалынан олоҥхоһуттар Курултайдара буолар. Быйылгы Курултай үөһээ ахтыллыбыт кэрэ-бэлиэ дааталарга, ону таһынан Алтай уһулуччулаах олоҥхоһуттара Н.У.Улагашев төрөөбүтэ 155 уонна С.Савдин төрөөбүтэ 100 сылларыгар ананна.

Алтайдар хабарҕа ырыатынан толоруллар олоҥхолоро «кай» диэн ааттанар. Хабарҕа ырыатын кистэлэҥнэрин илдьэ сылдьааччылар олохтон туораан барбыттарыгар, ХХ үйэ бүтэһигэр норуот эпоһа сүтэр кутталлана сылдьыбыт. Онон искусство бу көрүҥэ сайдарыгар Алтай Култуураҕа министиэристибэтэ 2004 с. олоҥхону толорооччулар норуоттар икки ардыларынааҕы Курултайдарын тэрийэн, улахан өйөбүлү оҥорбут. Мантан ыла бу айар куонкурус – Курултай тиһигин быспакка ыытыллан, РФ Култуураҕа министиэристибэтин бырагырааматыгар киллэриллибит. Норуоттар икки ардыларынааҕы Курултайга Калмыкия, Тува, Хакасия, Кыргызстан, Казахстан, Башкортостан, Кытай, Саха сирэ уо.д.а. кытыннылар.

Курултайга сүрүннээн хабарҕа ырыатын (алтайдыы – күөмэй) маастардара, кайчи-олоҥхоһуттар, ойуун дүҥүрүгэр, хомуска, топшурга оонньооччулар талааннарын көрдөрдүлэр. Кинилэр аныгы үйэҕэ диэри уларыйбакка кэлбит музыкальнай тэриллэрин хото тутталлар эбит. Тылларын-өстөрүн балачча өйдүүгүн уонна толорор кэмнэригэр сирэйдэрэ-харахтара уларыйар, куоластарын үөһээ-аллараа тембргэ таһаарар, тэтимнэрэ күүһүрэн ылар буолан, сылайбакка, сэргэхтик истэҕин.

Кайы толорооччуларга бастакы уочараттаах соругунан Олоҥхо тиэкиһин билии буолар. Ол иһин, олоҥхоһуттар сырыы аайы строка ахсаанын элбэтэллэр. Ону тылынан эбэтэр хабарҕа ырыатынан тириэрдэллэр.

Курултай икки номинациянан: «Хабарҕа ырыатын көрүҥнэрэ» (соҕотоҕун эбэтэр ансаамбылынан хабарҕа ырыатын ньымаларын баһылааһын) уонна «Олоҥхолуур искусство» ыытылынна. 21-гэр диэри саастаахтар (200-тэн кырата суох строкалааҕы), оттон 21-тэн үөһээ саастаахтар 400 строкаттан итэҕэһи суох строкалааҕы толоруохтаахтар. Куонкуруска кыттааччылар тылынанн, хабарҕа ырыатынан эбэтэр музыкальнай тэрилинэн доҕуһуоллатан толороллор. Хабарҕа ырыатын арааһа элбэх: каркыра, коомой, сыбыскы, кону кай уо.д.а. Курултай ыытыллар бастакы сылларыгар толорооччулар олоҥхо сюжетын билбэттэриттэн «Олоҥхолуур искусство» номинацияҕа кытта сатаабат, кэнсиэр нүөмэрин эрэ курдук толоро сатыыр буоллахтарына, билигин үгүстэр боруобаланан көрөр буолбуттар. Сылтан сыл аайы маастарыстыбалара чочуллан, саҥаттан саҥа ааттар тахсаллар. Манна даҕатан эттэххэ, төрөөбүт тылларын мөлтөхтүк билэр эдэр ыччат хабарҕа ырыатыгар умсугуйан, төрүт тылларын интэриэһиргииллэр, үөрэтэллэр.

Алтайдар маннык улахан түһүлгэни — Курултайы тэрийэн, хабарҕа ырыатын маастардарын туһунан иһитиннэриилэри толору хомуйар, араас катологтары, альбомнары, аудиозапистары уонна видеокиинэлэри устан, кэлэр көлүөнэҕэ үйэтитэр соруктаахтар.

Конференция

Курултай чэрчитинэн хайаан да «төгүрүк остуоллар», конференциялар ыытыллаллар. 2009 с. АХШ, Турция, Япония уо.д.а. дойдулар чинчийээччилэрэ кыттыбыт конференцияларыгар хабарҕа ырыатын ЮНЕСКО уһулуччулаах айымньыларын испииһэгэр киллэрэргэ сайаапканы бэлэмнээһин боппуруоһа дьүүллэһиллибит.

Быйылгы конференцияҕа Култуура министиэристибэтин үлэһиттэрэ, норуот тылынан айымньытын үөрэтэр учуонайдар, Кытайтан, Францияттан кэлбит экспертэр, олоҥхоһуттар кытыннылар.

Алтаайдар олоҥхо искусствотын туһунан билиини эдэр ыччакка төнүннэрэргэ улахан оруолу Кай норуоттар икки ардыларынааҕы киинин тэрийии ылыаҕын туһунан этэллэр. Оччоҕо манна талааннаах оҕолору уонна кырдьаҕас көлүөнэ дьону анал бырагырааманан үөрэтиэ этилэр.

Борис Михайлов:

«Олоҥхо нөҥүө олоҥхоһуттары кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ» бырайыакпытын 2011 сылтан саҕалаабыппыт. Онтон ыла Николай Баишевтыын 40 тыһыынча курдук километры массыынанан айаннаан сырыттыбыт. Бу – сыал-сорук туруоруммут дойдугар массыынанан айаннаан тиийии эрэ буолбатах, соҕуруу, арҕаа Сибииргэ уонна Монголияҕа олорор уруулуу норуоттарбытын кытары атах тэпсэн олорон сэһэргэһии, бииргэ үлэлээһин. Биһиги сахабыт Олоҥхото сайдыытыгар анаммыт уон сыллаах бырагыраамабытынан үлэлиибит.

Бу айаннарга солбуллубат суоппарбыт Владислав Киренскэйдиин бэйэбит массыынабытынан 5,5 тыһыынча километры айаннаан, Чуйскай трагы түүн аастыбыт. Алтай Өрөспүүбүлүкэтин кыраныыссата саҕаламмытын туоһулуур стеллаҕа тохтоон олус үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ, национальнай өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн иһэрбитин биллэрэр ураты, дьикти оһуордаах-мындырдаах стеллалар ыраахтан ыҥыра-угуйа көрсөллөр. Биһиги ханна да тиийдэрбит, кыраныыссаларга туруоруллубут стеллалары өйдөөн көрө сатыыбыт.

Бэҕэһээ сарсыарда 7 чаастан Ытык хайаҕа оҥоһуллубут алгыска (алтайдыы – «алгыш») кытынныбыт. Үгүс норуоттарга ытык маска салама ыйааһын үгэһэ баар. Биһиги эмиэ бэйэбит илдьэ кэлбит саламаларбытын бу ытык сир үтүө саналаах иччилэригэр анаан ыйаатыбыт.

Уонча сыл олоҥхоһуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалларын тэрийээччи быһыытынан, сыралаах, элбэх эппиэтинэһи эрэйэр айаннарбыт тустарынан икки тылынан суруллубут кинигэ бэчээттиир былааннаахпыт. Былырыын «По зову Земли Олонхо» норуоттар икки ардыларнааҕы фестивалы аан бастаан тэрийбиппит. Биллэн турар, уон сыллаах үлэбит кэмигэр алҕастар, итэҕэстэр бааллар. Холобур, Олоҥхону истээччилэри иитиигэ. Кэтээн көрдөххө, олоҥхоһут хас да чаас устата толорорун тулуйан истибэккэ тахсан барар дьон баар буолар. Биллэн турар, кинилэри буруйдуур кыах суох. Онон аныгы киһи эттиин-сиинниин олоҥхону истэргэ бэлэм буоларын, кини Олоҥхото суох сатаныа суох курдук туруктанарын туһугар өссө да элбэхтик үлэлиэхтээхпит.

Бүгүн Курултайга кыттан, ыалдьыттар ортолоругар бочуоттаах үһүс миэстэни ылбыт олоҥхоһуппут Николай Баишев – ийэтин өттүнэн уһулуччулаах олоҥхоһут, икки сылынан төрөөбүтэ 150 сыла туолуохтаах Иннокентий Бурнашов-Тоҥ Суорун сиэнэ. Тоҥ Суорун 1930-с сылларга ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута. Кини уонтан тахса олҥхону уонна элбэх ахсааннаах остуоруйаны, үһүйээни билэрэ. Биир олоҥхото 15-20 тыһыынча кэриҥэ строкалаах буолара. Николай Баишев бэҕэһээ эһэтин «Сылгы уола Быырай бухатыыр» олоҥхотун толордо. Николай Баишев эдэр олоҥхоһуттарга киирсэр. Уон олоҥхоһут өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттарын үрдүкү сэбиэтин бочуоттаах чилиэннэринэн буолла. Олоҥхоһуттары өйөөһүн быһыытынан, кинилэр ый аайы хамнастанар буолуохтара.

Алтай Өрөспүүбүлүкэтин култууратын миниистирин солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа, конференцияны дириҥ ис хоһоонноохтук уонна олус истиҥник салайан ыыппыт Артур Марлужоков Саха сирин олоҥхоһуттарыгар анаммыт бу өйөбүлү истэн олус хайҕаабытыгар саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түстэ. Ону таһынан Саха сирин ыалдьыттара Курултайга кыттаары бачча ыраах айаннаан кэлбиттэрин хорсун быһыынан уонна Олоҥхону тарҕатыыга ис сүрэхтэн үлэлэһэ сылдьар дьон быһыытынан сыаналаата.

Николай Баишев:

Мин Алтайга кэлиэм иннинэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Яна Игнатьева салайар бөлөҕүн кытары Казахстаҥҥа Мурундук диэн сыл аайы ыытыллыр кымыс сиэрин-туомун көрдөрөр фестивальга кытынным. Онно кыттан баран, Казахстаҥҥа сылдьыбыт бөлөх тутуспутунан автобуһунан Алтайга тиийэн кэллибит.

Бүгүн Алтайга буолбут Курултайга толорбут «Сылгы уола Дыырай бухатыыр» олоҥхом – Эргис 1934 с.Тоҥ Суорунтан суруйан хаалларан бэчээттээбит олоҥхото.

Курултайга сылдьан көрдөхпүнэ, түүр тыллаах омуктар төрүт олоҥхолорун бары музыкальнай тэриллэринэн, хабарҕа ырыатынан киэргэтэн толороллор. Онон биһиги аҥардас тылынан этэр, ыллыыр-туойар олоҥхобут кинилэргэ соһуччутук иһилиннэ.

Маны таһынан кэлиэхпититтэн-барыахпытыгар диэри биһигини арыаллаан илдьэ сылдьыбыт Алтай Өрөспүүбүлүкэтин култуурунай-историческай нэһилиэстибэтигэр агенствотын дириэктэрэ, историческай наука кандидата Василий Ойношев аатырбыт Телецкэй Күөлгэ баран иһэр суолга олохсуйбут, Н.Улагашев аатынан музейы көрдөрбүтүгэр махталбыт улахан. Манна ытык кырдьаҕас мэтириэтин аттыгар олорон, сахам олоҥхотун толорбутум тус бэйэбэр улахан киэн туттууну үөскэттэ.

This post was published on 28.07.2016 11:14 11:14