Ил Түмэн пленарнай мунньаҕа 2020 сыл уонна былааннаах 2021-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ бюджетын сокуонугар көннөрүүлэри киллэрдэ. 2020 сылга «төттөрү төлөбүрэ суох» киирии харчы 11 млрд солк улаатта, суруйар ТАСС.
«Көннөрүүлэри учуоттаан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бюджетын дохуоттуур чааһа 2020 сылга 253 млрд 428,8 мөл солк, ол эбэтэр 22 млрд 203,8 мөл солк улаатта. Ол иһигэр нолуок уонна нолуога суох дохуот 10 млрд 416,2 мөл солк улаатта уонна 128 млрд 235,7 мөл солк тэҥнэстэ. «Безвозмезднай» киириилэр 11 млрд 787,6 мөл солк улаатта уонна 125 млрд 193,1 мөл солк буолла«, — диэтилэр үп министиэристибэтигэр.
Төттөрү төлөбүрэ суох киириилэр уларыйыылара бюджет балансатын хааччыйыыга федеральнайдааҕы дотация кэнниттэн чуолкайданна. Бу 1 млрд 736,7 мөл солк тэҥ.
«Судаарыстыбаннай тэрилтэлэртэн төлөбүрэ суох киирии харчы 10 млрд 50,9 мөл солк улаатта. Судаарыстыбаннай корпорация бырабылыанньатын быһаарыытыгар олоҕуран оҥоһулунна — дьиэ-уот хаһаайыстыбатын реформатын сүрүннүүр пуонда хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ ананар«, — биэдэмистибэҕэ быһаардылар.
Ороскуот көннөрүүлэри учуоттаан туран, 2020 сылга 21 млрд 203,8 мөл солк-нан улаатта, ол эбэтэр 260 млрд 589,8 мөл солк дылы. Дефицит 7,1 млрд солк.
This post was published on 02.12.2020 10:01 10:01