Саха сирин 2022 сыллааҕы уопсай бюджета 318 млрд солк тахса. Бу борогунуостан 43 млрд солк элбэх.
Үп миниистирэ Валерий Жондоров эппитинэн, регионнааҕы бюджекка эбиллии сиртэн хостонор баай толоруутун иэнэ улааппытын уонна баайга-дуолга нолуок киириитин кытта сибээстээх.
Ити эрээри бэлиэтээбиттэринэн, ороскуот чааһа эмиэ улаатта. Үп ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туоратар хайысхаҕа уонна бюджет социальнай өрүтүгэр улаатыннарыыга бэрилиннэ.
Эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев бюджет бырайыагар көрүллүбүт дьаһаллар бары хаалыахтаахтарын уонна социальнай өйөбүл миэрэлэрэ, ол иһигэр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр, толору тутуһулуохтаахтарын эппитэ.
Маны сэргэ 2023 уонна былааннаах 2024, 2025 сылларга судаарыстыбаннай бюджет бырайыага көрүллэр.
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 18.10.2022 12:01 12:01