Олунньу саҥатыгар Саха сиригэр толоруулаах былаас уорганнарын нэһилиэнньэ иннигэр отчуоттара саҕаланар. Отчуоттар үгэс буолбут “утарыта көрсөн олорон” киэбинэн ыытыллыахтара. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Быһаччы кэпсэтии» биэриитигэр иһитиннэрдэ.
«Толоруулаах былаас уорганнарын нэһилиэнньэ иннигэр отчуота быйыл да урукку курдук киэбинэн ыытыллыаҕа. Олунньу саҥатыттан саҕаланыаҕа, сыыспат буоллахпына, олунньу 4 күнүгэр саҕаланар уонна кулун тутар бырааһынньыктарын иннинэ түмүктэниэхтээх», — диэтэ Айсен Николаев.
Кини этэринэн, ыраах нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо былаас бэрэстэбиитэллэрин кытта тус кэпсэтиини сыаналыыллар, оттон видеотчуоттар, хомойуох иһин, оннук кыаҕы биэрбэттэр.
«Дьон, дьиҥэр, араас тиэмэлэргэ кэпсэтиэхтэрин баҕараллар: аан дойдутааҕы бэбиэскэттэн саҕалаан, өрөмүөннээһиҥҥэ сыһыаннаах боппуруостарга тиийэ. Ити эмиэ сөптөөх», — диэн регион баһылыга бэлиэтээтэ.
Толоруулаах былаас уорганнарын норуот иннигэр сыллааҕы отчуоттарын идеята Саха сирин бастакы президенэ Михаил Николаев киэнэ буолар уонна 1999 сылтан үлэлиирин Ил Дархан санатан эттэ.
This post was published on 21.01.2026 10:03 10:03