Саха сирин бырабыыталыстыбата 2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтоото

Хаартыска: ЯСИА

Саха сирин бырабыыталыстыбата 2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтоото. Уураах тохсунньу 2025 сыл 1 күнүттэн үлэҕэ киириэҕэ. Быһаарыыны өрөспүүбүлүкэтээҕи үлэ-хамнас сыһыаннаһыыларын сүрүннүүр  үс өрүттээх хамыыһыйа санаатын учуоттаан ылыннылар, СИА иһитиннэрэр.

2025 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 26 777 солк. үлэһит дьоҥҥо-29 187 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 23028 солк., оҕолорго – 25 974 солк. буолуоҕа.

Санатан эттэххэ, 2024 сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ – 23 034 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 25 107 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 19 809 солк., оҕолорго – 23 598 солк. тэҥнэһэр.

This post was published on 28.08.2024 14:30 14:30