Олунньуга Саха сирин быраастарын биригээдэтэ Хабаровскай уонна Владивосток госпиталларыгар эмтэниини ааһар анал байыаннай дьаһал байыастарыгар көмө оҥоро барыахтара.
Ол туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева эттэ.
Кини бэлиэтээбитинэн, байыаннай госпиталларга гражданскай быраастар бараллар.
Санаттахха, тохсунньу 25 күнүгэр Дьокуускайдааҕы №3-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова салайааччылаах биригээдэ Ростов-на-Дону барбыта, бу Саха сириттэн үһүс биригээдэ буолар.
«Үлэ салҕанар. Олунньуга быраастар Хабаровскайга уонна Владивостокка бараллар. Биһиги уолаттарбыт доруобуйалара чөлүгэр түһүүтүгэр көмөлөһүөхтэрэ», — диэтэ Лена Афанасьева.
Саха сирин быраастарын уопуттара Россия Оборуонаҕа министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэринэн үрдүктүк сыаналаммыта, атын регионнар ылыммыттара, быраастары госпиталларга көмөҕө ыыталаабыттара.