СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийэр Департаменын салайар Дьулустаан Чичахов иһитиннэрбитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, госпиталларга сытар байыастарга көмөлөһүү былырыыҥҥыттан тэриллибит. Быйыл 150-тан тахса байыаска көмөлөстүлэр.
«Уһук Илин госпиталларга сытар байыастарга көмөлөһөн, алтынньы 8 күнүттэн сэтинньи 17 күнүгэр диэри быраастар биригээдэлэрэ үлэлээтэ. Кинилэр ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер психиатра, быраас Владимир Богдашин баар. Бөлөҕү кини салайан илдьэ сырытта. Бу кэм устатыгар биригээдэ 150-тан тахса байыаһы көрдө. Сорохторго телемэдиссиинэ көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһалартан сүбэ-ама бэрилиннэ», — диэн этэр Дьулустаан Чичахов, суруйда «Саха сирэ» сайт.
Маны таһынан, эрэгийиэннээҕи доруобуйа харыстабылын ситимэ демобилизацияламмыт байыастарга уонна кинилэр дьонноругар мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга үлэтин салгыыр.