Саха сириттэн Байыаннай госпиталларга үлэлии тиийиини былырыын, 2022 сыл сэтинньитигэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ. Мобильнай биригээдэҕэ хирургтар, травматологтар, анестезиолог-реаниматологтар, психологтар, психиатрдар, итиэннэ орто мэдиссиинискэй персонал исписэлиистэрэ бааллар. Быраастар консилиумнарга, байыаннай-быраас хамыыһыйаларыгар, эпэрээссийэлэргэ, бэрэбээскилииргэ сырыттылар.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сөптөөх психологическай көмөнү оҥоруу биир сүрүн суолталаах үлэнэн буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай килиниичэскэй психологтара «122» сулууспа үлэтин нүөмэригэр олороллор, дьоҥҥо көмөлөһөллөр.
Саха сирэ
This post was published on 16.08.2023 13:05 13:05