«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл пресс-киинэ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, «Саха сирин бриллианнара» муус уонна хаар оҥоһуктарга норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр. Монголия скульптордара икки категорияҕа миэстэлэннилэр.
«Саха сирин бриллианнара» куонкурус сэтинньи 25 — 30 күннэригэр буолла. 25 хамаанда Белорусияттан, Канадаттан, Кытайтан, Монголияттан, Украинаттан уонна Россияттан кытынна. Скульптураны дьүһүйүү күн аайы аһаҕас халлаан анныгар ыытылынна.
«Муус оҥоһукка» Церэнбат Дашбалжир, Баярсайхан Базарсад. (Монголия, Улан- Батор) «Мастер лучник» үлэтинэн бастаата.
Красноярскай уонна Донецкай уобаластартан — Сергей Асеев уонна Артем Самойлов «Добрыня и змей» композицияларынан иккистээтилэр.
Дьокуускайтан Николай Петров уонна Степан Пахомов «Снежная королева» үлэлэринэн үһүстээтилэр.
Дашцэрэн Ганхулег, Нарантуяа Алтаншагай Монголияттан маастардар иккистээтилэр.
Үһүскэ Дьокуускайтан Игорь Пономарев уонна Николай Алексеев. Композицияларын аата — «Чуумпуга».
This post was published on 02.12.2019 09:30 09:30