"Саха сирин бриллианнара" куонкуруска алта дойду скульптордара күрэхтэһэллэр

«Северное сияние» муус паркаҕа, Дьокуускай куорат 202-с микрооройуонугар, «Саха сирин бриллианнара» аан дойдутааҕы күрэхтэһии  саҕаланна. Муус уонна хаар скульптуралары оҥорууга куоталаһаллар. Улуустартан, Канадаттан, Белоруссияттан, КНӨ, Монголияттан, Украинаттан, Хабаровскайтан уонна Красноярскайтан уустар кытталлар.


«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар куонкуруска 25 хамаанда – барыта 50 киһи сайаапка киллэрбит. Муус уонна хаар скульптуралары оҥорууга бириис иһин киирсэллэр. Муус оҥоһууга бастыҥ ааптардар 130 тыһ.солк., бириистээх миэстэлээхтэр — 100 уонна 70 тыһ.солк. Хаарга бастаабыт 80 тыһ.солк. ылыа, иккистээбит – 70, үһүстээбит – 60 тыһ.солк. Анал бириистэр олохтоннулар – «Хапытааннар бириистэрэ», «Инникигэ эрэл» уонна «Көрөөччү биһирэбилэ».

«Мин муус оҥоһугунан 15 сыл дьарыктанным. Дьокуускайга үһүс сырыым. Өрөспүүбүлүкэни, олохтоохтору, историяны уонна культууратын сөбүлүүбүн. Быйыл Финляндияҕа, Японияҕа, Канадаҕа барар кыах баар этэ даҕаны, Саха сирин таллым. Кыттааччылары үксүлэрин билэбин. Миэхэ кыайыы буолбатах, дьону долгутар, сүргэтин көтөҕөр скульптураны оҥоруу», — диэтэ СИА-ҕа Шанхайтан кэлбит Ши Лэй, кини доҕорун Цзян Сяобинь үлэлииллэр. Кытайтан быйыл иккис хамаанданан: Ван Сяолинь уонна Ян Цзяци киирсэллэр.

Монголияттан эмиэ икки хамаанда баар. Кыайыыны ылар эрэ баҕалаахтар, Цырынбат Дашбалжир күрэхтэһиигэ национальнай көстүүмүнэн сылдьар. «Харбиҥҥа, Канадаҕа, Монголияҕа, Америкаҕа куруук сылдьабын, Саха сиригэр аан бастаан кэллим. Олус интэриэһинэй. Сахаларга күүстээх уустар бааллар. Харбиҥҥа кинилэр үлэлэрин көрбүтүм. Мууһунан үлэлииргэ манна үчүгэй», — диэтэ кини.

Атын дойдулартан – Лорис МакфарлейнИкуо Канбаяси Канадаттан, Павел ЛеоновВасилий Тимашов Беларуссияттан, Дошцэрэн ГанхулэгНарантуяа Алтаншагай Монголияттан. Украина бэрэстэбиитэлэ Артем Самойлов красноярец Сергей Асеевтыын кыттыгастар, Хабаровскайтан Максим Король уонна Полина Шпагина кэлбиттэр.

Улуустартан 17 хамаанда кыттар. Намтан күүстээх скульптор Александр Шадрин баар.

«1996 сылтан маннык куонкурустарга кыттабын. Аан бастаан Сотоҕо Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыта. Ол кэмтэн иккитэ эрэ көтүттүм. Сааһым 65, ити эрээри син биир кыттабын. Урукку сылларга улахан уолбунаан сылдьарым, билигин кырам Дмитрий көмөлөһөр. Бэҕэһээ блиц-турнирга бастаабыппыт. Кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирсэргэ бэлэмнээхпит. Золушканы оҥоробут», — диэтэ Александр Шадрин.

Күрэхтэһии сэтинньи 30 күнүгэр дылы ыытыллар, кыайыылаахтар ааттара ахсынньы 1 күнүгэр «Триумф» СК этиллиэҕэ.

This post was published on 26.11.2019 16:57 16:57