Саха сирин биэс оройуонугар күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Синоптиктар, оптуорунньукка, алтынньы 24 күнүгэр, Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар түүн8н 19-24 м/с, күнүһүн 15-20 м/с күүстээх тыал түһэрин сылыктыыллар. Усуйаана, Аллайыаха уонна Аллараа Халыма оройуоннарыгар — 15-20 м/с түргэннээх тыал түһэрэ күүтүллэр.

Саха сиринээҕи ЫБМ тыал түһэр кэмигэр сэрэхтээх буоларга ыҥырар, ордук эргэ эбийиэктэр, мастар, реклама щиттэрин таһыгар болҕомтолоох буолуохха наада.

This post was published on 23.10.2023 16:15 16:15