Саха сирин бастыҥ үлэһиттэрин ыам ыйын 1 күнүгэр харчынан бириэмийэлиэхтэрэ

Саха сиригэр Үлэ сылыгар анал граннары уонна 300 тыһ солк наҕараадалары бастыҥ үлэһиттэргэ биэрэр туһунан этилиннэ. Наҕараадалааһын ыам ыйын 1 күнүгэр ыытыллыаҕа.

Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Прямой разговор» телебиэриигэ эттэ.

«Мин ыам ыйын 1 күнүгэр бастыҥ үлэлээх 50 киһи биллэригэр эппитим. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр 300 тыһ солк наҕараадалары тутарыахпыт. Муниципалитеттар, министерстволар, тэрилтэлэр, уопсастыбаннас чуолкайдык үлэлииллэригэр эрэллээхпин», — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар бириэмиэйэ новаторствоны, үлэҕэ айымньылаах сыһыаны уонна үлэ үрдүк көрдөрүүтүн сыаналааһын быһыытынан барыахтаах.

This post was published on 17.01.2023 16:33 16:33