Кулун тутар 3 — 4 күннэригэр Дьокуускайга гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ куттала суох олоҕун хааччыйыы министиэристибэтин бирииһигэр үбүлүөйдээх хапсаҕайга турнир буолуоҕа.
Быйылгы күрэхтэһии, Гран-при статуһун ылар уонна өрөспүүбүлүкэ бастыҥ бөҕөстөрүн түмэр.
Аһаҕас турнир икки бөлөҕүнэн барар. Бастакыга — быыһыыр сулууспа, ГПС, ЫБММ, ис күүстэр уонна атын биэдэмистибэлэр сотрудниктара. Иккискэ — профессиональнай спортсменнар.
«400 тахса кыттааччыны күүтэбит, бириис пуондата 1 мөл солк куоһарда, онон Гран-при статустанна. Спонсордарбытыгар маннык спорт бырааһынньыгын тэрийэрбитигэр көмөлөрүн иһин махтанабыт», — диэтэ быыһыыр сулууспа начальнигын солбуйааччы Вадим Шадрин.
Ыйааһыннарынан кыайыылаахтар биллиэхтэрэ. Маны сэргэ муҥутуур кыайыылааҕы 75 кг диэри уонна үөһэ быһаарсыахтара. Кыйыылаахтарга харчынан сертификаттар туттарыллаллар.
Номинациялар олохтоннулар: «Лучший борец-хапсагаист», «Лучший бросок», «За волю к победе» уонна «Лучший судья».
Турнир «Триумфка» буолар.
This post was published on 29.02.2024 14:26 14:26