Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев кини аатын үйэтитиигэ ыйаах таһаарбыта. Үлэ хас да сыллаах, сүрүн хайысхалар докумуоҥҥа ыйылыннылар.
Ыйаах туһунан Айсен Николаев «Саха» НКИХ «Якутия, вперёд!» биэриитигэр кэпсээтэ, суруйар ЯСИА.
Докумуоҥҥа сурулларынан Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт Өктөмүгэр мемориальнай комплекс, Дьокуускайга киин уокурукка пааматынньык тутуллуохтара, Автодорожная уулусссаны Михаил Николаев аатынан проспект диэн уларытан ааттыырга диэн дьаһаллар бааллар.
«Үгүстэр Михаил Ефимович аатынан атын элбэх дьонноох уулуссаны ааттыахха баар дииллэр, ити эрээри, мин санаабар, Автодорожная уулусса — бу куорат инники сайдыыта. Бу уулуссаҕа саҥа дьон олорор комплекстара тутуллаллар, үрдүк үөрэх кампуһа, саҥа толору цикллаах киинэ павильона дьэндэйэн тахсыахтара. Бу территория кэлэр сылларга толору уларыйыаҕа уонна киин куорат кэрэ көстүүлээх миэстэтинэн буолуоҕа. Бу оройуону Михаил Николаев проспега киэргэтиэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Михаил Николаев аатынан хас да судаарыстыбаннай наҕараада бигэргэннэ. Кини учууталларга уонна үөрэнээччилэргэ туттарар бириэмийэтэ судаарыстыбаннай таһымнанар, бириэмийэни бастакы бэрэсидьиэн төрөөбүт күнүгэр сылын аайы туттарыахпыт.
Өктөмҥө Николаев-кииҥҥэ сылын аайы балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа уонна салалтата Судаарыстыбаннас күнүгэр аналлаах мунньаҕа ыытыллыаҕа.
«Азия оҕолоро» оонньууларга Михаил Николаев аатынан Кубок туттарыллыаҕа, маны күрэхтэһии саамай эдэр кыайыылааҕар бэриллиэҕэ.
This post was published on 01.12.2023 11:06 11:06