Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев геополитиката

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Сэтинньи 13 күнүгэр, биһиги ытыктыыр Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Ытык киһибит туһунан үтүө тылынан  ахтан-санаан аастыбыт.

“Сэмсэ тыл” биэриибитигэр өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнин көмөлө­һөөччүтүнэн үлэлээбит Сергей Валентинович Попов ыалдьыттыыр.

Хаартыска: Денис Попов

– Сергей Валентинович, уонтан тахса сыл биһиги ытык киһибитигэр  көмөлөһөөччүнэн үлэлээбитиҥ. Кэпсэтиибитин геополитикаттан саҕалыахха. Михаил Ефимович Илиҥҥи дойдулары кытта сыһыаны өрө тутара.

– Михаил Ефимович төһө да аҕыйах ахсааннаах омукка төрөөтөр, нууччалыы эттэххэ, планетарнай хабааннаах киһи буоллаҕа. Таһыма, билиитэ-көрүүтэ да оннук. Мин билэрбинэн, кини уонтан тахса тас дойду салайааччыларын кытта алтыспыт киһи. Ол быыһыгар Япония императорын, Америка бэрэси­дьиэнин, Европа салайааччыларын кытта көрсүбүт киһи буолар. Кинилэри кытта тэҥ таһымҥа сылдьыбыта.

Кини тоҕо эрэ наар Арҕаа өттүгэр буолбакка, Илин диэки охторо. «Геополитика Востока» диэн тэрээһиннээх этэ. Онно сыл аайы Кытайтан, Японияттан, Монголияттан, Соҕуруу Кэриэйэттэн араас өйдөөх дьону ыҥыран, атах тэпсэн олорон сүбэлэһэрэ. Онно «Хайдах сайдабыт?» диэн бөлүһүөктүү хабааннаах кэпсэтиилэр  тахсаллара.

“Өтө көрөр дьоҕурдааҕа”

– Михаил Ефимович – туох ханнык иннинэ, судаарыстыбанньык. Федерация Сэбиэтигэр үлэлээбит буолан, федеральнай таһым­наах киһи. Кини дойдубут хайдах сайдыахтааҕын, хайдах буолуохтааҕын наар ырыҥалыыра. Билии-көрүү өттүнэн, билим да өттүнэн чахчы уһулуччу бэлэмнээх киһи этэ. Ханнык да дьыаланы хал­лаантан ылан оҥорбот, барытын силистээн-мутуктаан, төрдүн-төбөтүн үөрэтэн баран ылынар идэлээҕэ.

Кини, бастатан туран, бэ­­йэтин билиитин хаҥатан сүрдээх элбэх бөлүһүөктэр кинигэлэрин ааҕар эбит этэ. Биирдэ Буотамаҕа Александр Николаевич Жиркову кытта сынньаммыттара. Сынньалаҥ да буолуо дуо, үлэ курдук. Александр Николаевич киниэ­хэ халыҥ баҕайы кинигэни ууммутун, онно олорон, аҕы­йах чааһынан ааҕан бүтэрбитэ. Онно сөхпүтүм, дьоннор ааттарын, араас дааталары, историческай чахчылары барытын ырыталларыгар эндэппэккэ билэрэ. Ол аата, үрдүнэн-аннынан буолбакка, сиһилии аахпыт этэ.

1996 с.  Турцияҕа үөрэнэр кэммитигэр “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар буол­буттарыттан соһуйбуппутун өйдүүбүн. Кырдьык, ыһыллыы-тоҕуллуу сылларын кэнниттэн Арассыыйаҕа норуоттар икки ардыларыгар маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэһии өссө ханна да буола илигэ. Оннук тэрээһини кыра омук ыытар буоллаҕына, атын да омуктар, Арассыыйа бэ­­йэтэ даҕаны ыытыан сөбүн туоһута буолбута. Михаил Ефимович “Чөл олох доктринатын” оҥороругар Саха сиригэр сөпкө аһааһын, чэгиэн олох  наада  диэн чопчулаабыта. Көрөрбүт курдук, бу хамсааһын Арассыыйаҕа эмиэ тарҕанна.

Михаил Ефимович судаарыстыбаннай үрдүк таһым­наах докумуоҥҥа, Федеративнай дуогабарга илии баттааһына баар. Кэриэйэҕэ барар дэлэгээссийэни Михаил Николаев салайа сылдьыбыта, онно эмиэ Арассыыйа таһымнаах  докумуоҥҥа илии баттас­пыта.

“IT-ны, креативнай индустрияны 1990-с сылларга киллэрэ сатаабыт”

– Михаил Ефимович тылга уонна ыччакка анаан туох диэн санаа­лаах этэй?

– Михаил Ефимович саха тылын аҥаардас тыл эрэ курдук көрбөтө. Кини тылга төрүкү норуот философията сытарын өйдүүрэ. Олоҥхобут баайа тылбытыгар сытарын туһунан эдэр ыччакка наар этэрэ. Ханнык да эйгэҕэ – математикаҕа, физикаҕа, компьютеризация да буол­лун, бэйэтин төрүт тылын билэр ыччат атыттардааҕар чорбойорун бэлиэтиирэ. Кини саха оҕото элбэх тылы билиэхтээх диирэ, оччоҕо саха оҕото атыттары кытта тэҥҥэ күрэс­тэһэр кыахтаах буолар.

Быһата, тылбыт норуот баай философиятын иҥэринэргэ көмөлөһөр диирэ. Ыһыаҕы даҕаны дьон аҥаардас ыллаатыннар-туойдуннар, үҥкүүлээтиннэр диэн буолбакка, сахалыы таҥас, сахалыы ас-үөл, сиэр-туом, толкуй уо.д.а. сайдарын туһугар оҥорбуппут диирэ. Ол билигин олоххо киирдэ.

Бүтэһик сылларга инновацияҕа болҕомтотун уурбута. Кини онно ол хайысхаҕа үлэ­лиир араас дьону кытта көрсүбүтэ. Бырааттыы Ушницкайдар киниэхэ саха оҕолоро төрүкү 3D толкуйдаах­тар  диэбиттэрэ. Чахчы, сахаларга түҥ былыргыт­тан Олоҥхону ойуулаан көрөр­бүтүттэн буолуо, ойуулуур-дьүһүннүүр, харах­пытыгар оҥорон кө­­рөр ураты дьоҕурдаахпыт.

Аны Михаил Ефимович математи­каны өрө тутара, сахалар математическай толкуйдаахпыт диирэ. Холобура, хаар халыҥыттан, балык улаханыттан, ынах эмиһиттэн… саха олоҕо тутулуктаах.

Атыннык эттэххэ, кини IT-ны, креативнай индустрияны өссө 1990-с сылларга киллэрэ сатаабыт эбит. Саҥа сүүрээннэри киллэрэн, Арассыыйаны кытта бииргэ буоллахпытына, өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа диэн өйү-санааны этэрэ.

“Михаил Николаев дьаһалларын сөргүтүөххэ”

– Михаил Ефимович сомоҕолоһуу, судаарыстыба хайдах сайдыахтааҕын туһунан хайдах толкуй­даах этэй?

– Михаил Николаев бөлүһүөк-суруйааччы А.Е.Кула­ковскай-Өксөкүлээх Өлөк­сөй суруйан хаалларбыт Арас­сыы­йаны кытта бииргэбит диэн толкуйуттан туораабатаҕа. Ыарахан кэмнэргэ бэйэбит салалтабыт тула түмсүөхтээхпит диэн өйдөбүлү хаалларбыта. 90-с сылларга бэйэ­тин тула киэҥ толкуй­даах дьону түмпүтэ. 12-с ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаат­тара, оччотооҕу салайаач­чы да дьоммут бары да үрдүк таһымнаах, үөрэхтээх, билии­лээх-көрүүлээх дьон этилэр. Көмөлөһөөччүнэн кэлэн баран, Климент Егорович Иванову, Матвей Васильевич Мучины, Афанасий Васильевич Мигалкины кытта элбэхтик алтыһарын көрөрүм. Быһата, салайар-толорор былааһы, олохтоох бэйэни салайыныыны, сокуону оҥорооччулары, СМИ-лэри кытта бииргэ ыкса үлэлэспитэ, норуоту кытта сү­­бэлэспитэ.

Мин санаабар, кини оччолорго ылыммыт дьаһалларын үөрэтэн, сүбэ курдук ылынан, олоххо киллэриэх тустаахпыт. Михаил Ефимович хас даҕаны олоххо ситэ киирбэтэх дьаһаллара бааллар. Кини күөллэри үөрэтиигэ, сири оҥорууга – нүөлсүтүү боппуруоһугар, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаран элбэх толкуйдааҕа. Ол туһугар биһиги өйбүтүн-санаабытын барытын ууран үлэлиэхтээхпит. Аны бэйэни салайыныыны ыллахха, 1993-1995 сылларга, Горохов Иван Иванович, Мигалкин Афанасий Васильевич бигэргэппиттэринэн, улуус баһылык­тарын бэйэтэ аныы сылдьыбыта. Онно бэйэлэрин көрдөрбүт, билиилээх-көрүүлээх дьону аныыра.

“Кини аата ураты уонна ытыктанар”

– “Нация аҕата” диэн өйдөбүл атын омуктарга баар. Эн санааҕар, М.Е.Николаев саха норуотугар оннук ааттаныан сөп дуо?

– Киһи барыта кумир­даах буолар. М.Е.Николаев элбэх дьон өйүн-санаатын мунньан, ону туспа философия оҥорбут, хамсааһыны таһаарбыт чулуу киһибит буолар. Андрей Саввич Борисов: “Тэйдэхпит аайы Михаил Николаев аата-суо­ла улааттар улаатан иһиэ”, – диэбитэ да элбэҕи кэрэһилиир. Михаил Ефимович оҥорон хаалларбыт дьыалата, нэһилиэстибэтэ – Мэдиссиинэ Национальнай киинэ, Наука Академията, Духуобунас Академията, Муусука Үрдүкү оскуолата уонна да атыттар Саха сирин бигэ тирэҕэ буоллулар, буолуохтара даҕаны. Ол иһин кини аата ураты турар уонна ытыктанар.

Сергей Валентинович Попов

  • 2023 с.– СӨ Билимин дьоҕус академиятыгар дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдээһиҥҥэ, өйөөһүҥҥэ киинин салайааччыта, преподаватель.
  • 2016-2023 сс. – РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата М.Е.Николаев көмөлөһөөччүтэ.
  • 2011-2016 сс. – “СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьыалаларын управлениета” тэрилтэ, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин ыстаарсай көмөлөһөөччүтэ.
  • 2007-2009 сс. – “СӨ Спортиҥҥа национальнай федерация” тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ.
  • 2001-2005 сс. – “Илин Тур” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ.
  • 2000-2001 сс. – “Эргиэн Восток” ГУП, туризм менеджерэ.
  • Үөрэҕэ: Суруналыыстыка, магистр (ХИФУ), үп уонна кирэдьиит, исписэлиис (СГУ ФЭИ), туризм, магистр (Стамбуллааҕы университет), менеджмент, бакалавр (Коджаели университета (Турция)).

Ааптар: Чокуур Гаврильев

This post was published on 13.11.2024 14:02 14:02