Российскай Федерация президенигэр быыбарга кандидаттартан Саха сиригэр саамай элбэх куолаһы Владимир Путин ылла. Кини туһатыгар 397 051 киһи куоластаата — ол эбэтэр быыбардааччы ахсааныттан 87,79%.
Ол туһунан Киин быыбардыыр хамыыһыйа баһылыга Евгений Федоров эттэ.
РФ президенигэр быыбарга Саха сиригэр 452 366 киһи кытынна, ол эбэтэр быыбардааччы 71,57 %-на.
«Бары оройуоттарга Владимир Путин 80%-тан тахса куолаһы ылла, ол иһигэр 21 оройуоҥҥа киниэхэ куоластарын 90%-тан тахса биэрдилэр. Лидердар Анаабыр, Амма, Дьааҥы, Нерюнгри уонна Бүлүү оройуоттара. Дьокуускайга Владимир Путиҥҥа 82,23% олохтоох куолаһын биэрдэ. 36 быыбар учаастагар быыбарга кыттыы 100 бырыһыан буолла», – диэтэ Евгений Федоров.
Сиһилии https://ysia.ru/vo-vseh-rajonah-yakutii-vladimir-putin-poluchil-bolee-80-golosov/
This post was published on 18.03.2024 10:27 10:27