Тохсунньу 20 күнүгэр Саха сирин стационардарыгар COVID-19 диагнозтаах эмтэнэ 116 киһи киирдэ. Ыарахан туруктаах 10 пациент баар. Бу дьон вакциналамматахтара бэлиэтэнэр. Быһыы ылбыттар ыарыыны чэпчэкитин аһардаллар, суһал штаб иһитиннэрдэ.
Дьокуускай стационардарыгар 87 киһи киирдэ, Мэҥэ Хаҥаласка – 10, Горнай уонна Уус Алдан улуустарыгар — үстүү, Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка — иккилии, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Намҥа, Нерюнгрига, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга — биирдии. Барыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэҕэһээҥи туругунан эбии 761 ыарыы бэлиэтэннэ.
Ааспыт сууккаҕа стационардарга 7 оҕо киирдэ.
Балыыһаларга барыта ыарахан туруктаах 66 пациент сытар. Реанимацияларга быраастар быстар мөлтөх туруктаах 10 киһи олоҕун быыһыырга туруналлар, бу дьон вакциналамматахтара бэлиэтэннэ.
Бары ыалдьыбыт дьоҥҥо медицинскай көмө оҥоһуллар.
This post was published on 20.01.2022 10:38 10:38