15 Балаҕан ыйа 15.09
  • $ 90,93
  • 100,8

Саха сирин балыыһаларыгар COVID-19 диагнозтаах эмтэнэ 116 киһи киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 20 күнүгэр Саха сирин стационардарыгар COVID-19 диагнозтаах эмтэнэ 116 киһи киирдэ. Ыарахан туруктаах 10 пациент баар. Бу дьон вакциналамматахтара бэлиэтэнэр. Быһыы ылбыттар ыарыыны чэпчэкитин аһардаллар, суһал штаб иһитиннэрдэ. 

Дьокуускай стационардарыгар 87 киһи киирдэ, Мэҥэ Хаҥаласка – 10, Горнай уонна Уус Алдан улуустарыгар — үстүү, Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка — иккилии, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Намҥа,  Нерюнгрига, Ньурбаҕа, Өймөкөөҥҥө, Сунтаарга — биирдии. Барыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэҕэһээҥи туругунан эбии 761 ыарыы бэлиэтэннэ.

Ааспыт сууккаҕа стационардарга 7 оҕо киирдэ.

Балыыһаларга барыта ыарахан туруктаах 66 пациент сытар. Реанимацияларга быраастар быстар мөлтөх туруктаах 10 киһи олоҕун быыһыырга туруналлар, бу дьон вакциналамматахтара бэлиэтэннэ.

Бары ыалдьыбыт дьоҥҥо медицинскай көмө оҥоһуллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА