2018 сылтан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан Саха сиригэр 769 медицинскай тэрил кэллэ диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн 125 тэрил — «тяжелое» диэҥҥэ киирсэр, ол эбэтэр КТ, рентген-диагностика комплекса, маммография аппараата уонна ФЛГ.
Миниистир Лена Афанасьева бэлиэтээбитинэн, медицина техниката саҥардыллыбыта оройуоттар олохтоохторун миэстэтигэр диагностикалыырга туһалыыр. «Медицина саҥа тэриллэрин ылыы национальнай бырайыак чэрчитинэн барар. Улуустарга элбэх ыарыыны диагностикалыырга туһуланар», — диэтэ кини.
Быйыл рентген аппараата 16 киин балыыһаҕа ылылынна, сыыппара маммографтар Айхал, Горнай уонна Булуҥ балыыһаларыгар бэрилиннилэр.
This post was published on 18.12.2024 16:04 16:04